Киһи талбыта барыта баар быыстапката

Ааптар: 
22.04.2018
Бөлөххө киир:

«Сахалыы таҥас» уопсастыбаннай тэрилтэ национальнай бэйэ оҥоһугун быыстапкатын 2012 сылтан тэрийэр.

edersaas.ru

Бэйэ оҥоһугунан дьарыктанар 96   түмсүү «Сахалыы таҥас» уопсастыбаннай тэрилтэ тэрийэр быыстапка-дьаарбаҥкатыгар өрүү кыттар. Кэрэхсэбиллээҕэ, манна ас-үөл, таҥас-сап, маһынан, түүлээҕинэн, быһата, ким тугу сатыырынан дьарыктанар дьон түмсэр.

Элбэх оҕолоох эдэр ийэ Наталия Соловьева  сахалыы моһуоннаах тирии суумкатын тигиинэн дьарыктанар.

Мин билигин оҕобор олоробун. Ол иһин бириэмэлээх кэммэр иистэнэрбин сөбүлүүр буолан, суумка тигэбин. Тириини маҕаһыынтан атыылаһабын. Илии үлэтэ буолан тигэргэ бириэмэ барар. Онон кэргэним, оҕолорум бары көмөлөһөллөр: ким орнаменнары түһэрэн ойуулуур, ким киэбин кырыйар. Мин бэйэм тигэбин, — диэн кэпсиир Наталья.

Биһиги кэпсэтэр кэммитигэр эдэр ийэ дьоҕус суумкаларын интэриэһиргээччи үгүс этэ.

Наталья Соловьева аттыгар чараас замшаттан тигиллибит сахалыы орнаменнаах саппыкыларга хараҕым хатанна. Бу Хаҥалас улууһун Төхтүрүттэн Иван Ефремов табаара эбит.

Сахалыы этэрбэстэри бэйэм тигэбин. Замшаны маҕаһыынтан атыылаһабын. Сүрүннээн үҥкүү бөлөхтөрө сакаастыыллар, ыһыахтарга да кэтээри ылаллар, — диэн кэпсиир Иван Николаевич.

Маастар атыылыы турар табаарын аттыгар эр киһи сахалыы көстүүмэ бөҕө ыйанан турара. «Бу эмиэ атыыланар дуо?» — диэн ыйыппыппар, сэһэргэһээччим:

— Эр киһи көстүүмнэрин эмиэ бэйэм тигэбин, — диэн соһутта. Иван Ефремов кэргэнин кытта дьиэлэригэр атах да таҥаһын тигэллэр, иистэнэллэр да эбит.

Быыстапкаҕа саха чэйин — кучу оттон оҥоһуллубут чэйи Туйаара Григорьева амсата турарыгар түбэстим.

Дьон наһаа интэриэһиргээн бу чэйи атыылаһар. Биһиги сайын аайы Өймөкөөн улууһун Биэрэк Үрдүн учаастагар тиийэн кучу оту хомуйабыт, онно бэйэтигэр куурдан аҕалабыт, — диэн чэйин кута туран билиһиннэрэр  Туйаара Кучу.

Ити курдук, «Саха таҥаһа» уопсастыбаннай тэрилтэ дьиэҕэ олорор тарбахтарыгар талааннаах дьону түмэн, кинилэр айар үлэлэрин киэҥ араҥаҕа таһааран билиһиннэрэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0