Ситэриилээх былаас Таатта улууһугар быйыл бастакы отчуотун Кыйыттан саҕалаата. Олохтоохтор кулуупка мустан, туох кыһалҕалаахтарын туруорустулар.
Бастакынан, ааспыт үйэ 60-ус сылларыгар тутуллубут оскуола эргэрэн, эмэҕирэн умайа сылдьан баран оҥоһуллан тураахтыыр. Оҕолор чугастааҕы тутууга араас сиринэн тарҕанан үөрэнэллэр.
«2020-2021 сс. инвест-бырагыраамаҕа Кыйы оскуолатын тутуута киирэн, 90 үөрэнээччи үөрэнэр оскуолатын тутуута быйылгыттан саҕаланан, эһиил үлэҕэ киирэрин ситиһэ сатыахпыт», — диэн хардарда СӨ тутуутун миниистирэ, оробуочай бөлөх салайааччыта Павел Аргунов.
Итиэннэ 5 улуус оҕолорун хабар коррекционнай оскуола тутуутун олохтоохтор туруорсаллар. Уонна социальнай эбийиэктэри, оскуоланы, чааһынай дьиэлэри сылытар киин хочуолунай тутуллуохтаах.
«Ол эрэн, биир сылга үс тутуу бардаҕына, олохтоох муниципальнай тэриллии бүддьүөтэ кыайан уйунуо суоҕа. Онон нэһилиэнньэ бастатан туран туох ордук наадалааҕын быһаарыах тустаах«,- диэн эттэ Павел Аргунов.
Иккиһинэн, Чурапчы күөллэрин уутун ыытан, Кыйы с. таһыгар баар гидротехническай тутуу былырыын улахан ууну уйбакка тоҕо баран, Таатта ууга барбыта.
Халлаан арыый сылыйдаҕына, үбүлээһин харчыта көрүлүннэҕинэ, саас быһыты бөҕөргөтүү, саҥардыы үлэтэ барыахтаах. Василий Сабарайкин, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор кырдьаҕас аттынааҕы Чурапчы улууһуттан Тааттаҕа хаһан гаас киириэн сөбүн туоһуласта.
«Бүддьүөккэ гаас ситимин тардарга үп-харчы кырыымчык. Бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһын үрдэтэргэ улахан үбүлээһин ыытыллар. Кэлэр 3-4 сыл иһигэр гаастааһын боппуруоһа быһаарыллыа, гаас кэлэр кэмигэр саамай чугас сытар нэһилиэк Кыйы бастакынан күөх оттукка холбонуо«, — диэн быһаарда оробуочай бөлөх салайааччыта.
«Чурапчыттан гаас турбатын тардыллыытын ороскуота 2 млрд 300 мөл солк«, — диэн чуолкайдаата Михаил Гуляев, оробуочай бөлөх састаабын чилиэнэ.
Үп кырыымчыгынан бу боппуруос аһаҕас турар. «Трасса кытыытыгар олорор ыаллар сайын быылга көмүллэбит, айан суолун аспааллааһын хаһан ыытыллыай?», — диэн Анфиса Никифорова ыйыталаста.
«Бөһүөлэктэр кытыыларын быылтан көмүскүүр бырагыраама быһыытынан, Чурапчы нэһилиэктэригэр үлэ барбыта. Магадааҥҥа тиийэ барар Халыма федеральнай айан суола оҥоһулуннаҕына, быыл аҕыйыа. Ол эрэн, бу хайысхаҕа Лена федеральнай суолу кытта тэҥнээтэххэ, сырыы аҕыйах, ол иһин үп- харчы көрүлүннэҕинэ бу боппуруос быһаарыллыа»,- диэн хардарда Павел Аргунов.
Маны таһынан, олохтоохтор үүт туттарыытын харчыта хаһан үрдүөн сөбүн туоһуластылар. Итиэннэ бу эҥээр биир да заправка суоҕа этилиннэ. Сэрии оҕолоро биэнсийэҕэ эбиллэр харчыларын, социальнай чэпчэтиилэрин сурастылар.
Бу соторутааҕыта Майаҕа киирбит үрдүк күүрүүлээх уоттан киин ититии ситимэ тардыллыан сөбүн, киин ититиигэ холбонорго кыра дохуоттаах ыалга туох чэпчэтии баарын сурастылар.
«Ортотунан 200-300 ыал өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 200 тыһ. солк суумалаах субсидиянан туһаныан сөп. Онно кыаммат ыал араҥата киирсэр, оннук ирдэбилгэ эппиэттэһэр дьон олохтоох дьаһалтаҕа докумуоннарын, сайаапкаларын туттарыахтарын наада»,- диэн эттэ Павел Анатольевич. «Тыараһалар төрүт олохтоох дьоммут биһигини хантан эрэ кэлбит көс омуктар диэн аанньа ахтыбат курдуктар. Биһиги олохпутун чэпчэтэргэ туох үлэ ыытылларый? Нэһилиэктэр икки ардыларыгар суол-иис быстар мөлтөх, ардах түстэ да тыраахтар да сатаан айаннаабат. Манна ынах-сүөһү ииттэн, тыыннаах эрэ хаалар туһугар өрө мөхсөбүт. Ынах, сылгы көрөн, байбыт киһи суох. Оҕолорбутун иитээри үлэлиибит«, — диэн Павел Григорьев ис санаатын үллэһиннэ. Кини этиитэ оруннааҕын отчуот буола турар тоҥ хаһаа тыбыс тымныы эргэ спортивнай саалата туоһулуур. Манна киһи кыһыҥҥы халыҥ таҥастаах, унтуулаах да олорон тоҥор сирэ.
Отчуот түмүгэр Кыйы олохтоохторо эдэр миниистир тылын-өһүн сөбүлээбиттэрин, сэргээбиттэрин биллэрдилэр. Алаастарга аһыҥа сымыыттаан, кэлэр кэмҥэ оттуур сирдэр күөх быйаҥнарын кураанахтыыр кутталлааҕыттан дьаарханалларын биллэрдилэр. Ити курдук, ситэриилээх былаас үлэтин олохтоохтор үчүгэйинэн сыаналаатылар. 2014 сылтан сабыллыбыт эргэ оскуола быйыл тутуута саҕаланарыттан үөрэллэрин эттилэр. Тутуу барар, олох салҕанар диэн этэн туран тыараһалар махталларын биллэрдилэр. Үүт сыанатын 65 солк тиэрдэри туруорустулар. Ынах-сүөһү, үрүҥ илгэ эрэ дэлэйдэҕинэ, норуот олоҕо бигэ туруктаах буолара чиҥэтэн этилиннэ.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru