116 саастаах японка саамай уһун үйэлээҕинэн билинилиннэ

12.03.2019
Бөлөххө киир:

Япония олохтооҕо Канэ Танака аан дойдуга саамай уһун үйэлээх киһинэн билиниллэн, Гиннес рекордарын кинигэтигэр киллэрилиннэ. Кини билигин 116 саастаах.

edersaas.ru

Танака 1903 сыл тохсунньу 2 күнүгэр сэттис оҕонон төрөөбүтэ. Болдьоҕун иннинэ эрдэ төрөөбүт буолан, атын дьахтар үүтүнэн аһаан улааппыт. Кини кэргэнэ уонна улахан уола аан дойду иккис сэриитигэр өлбүттэр. Канэ түөрт оҕону төрөппүтэ уонна бэһис оҕотун иитэ ылбыта. Сэрии иннинэ кэргэнин кытары ириистээх лэппиэскэлэри атыылыыр маҕаһыыны арыйбыттар эбит. Үйэтин тухары бу маҕаһыыҥҥа үлэлээбит. Ааспыт үйэ 70-с сылларыгар биэнсийэҕэ тахсан баран, сынньалаҥнык олорбут, оннооҕор Америкаҕа олорор аймахтарыгар хаста да бара сылдьыбыт эбит.

Сүүһүн ааспытын кэннэ, кини уола ийэтин олоҕун туһунан кинигэ суруйбут. Уола этэринэн, ийэтэ Таҥараны олус итэҕэйэр буолан, уһун үйэлэммит эбит. Оттон эмээхсин бэйэтэ олоҕун сүрүн кистэлэҥинэн дьиэ кэргэҥҥэ тапталы, чөл олоҕу уонна сөпкө утуйууну, аһааһыны ааттыыр эбит.

2005 сылтан кини Фукуока куоракка кырдьаҕастар дьиэлэригэр олорор. Эрдэ турар, сэрээккэлиир, остуол оонньууларыгар оонньуурун уонна минньигэһи сиирин сөбүлүүр. Каллиграфиянан үлүһүйэр, өйүгэр суоттуур буолан, билигин да өйө-санаата чөл, ыраас. Хоһоон суруйар уонна Америкаҕа хайдах сылдьыбытын туһунан манньыйан олорон кэпсиир идэлээх. 103 саастаах эрдэҕинэ, искэн тахсыбытын эпэрээссийэлээбиттэр. Ол кэнниттэн улаханнык ыалдьыбатах. Билигин “ходунокка” өйөнөн хаамар, бэйэтин көрүнэр.

Ааспыт субуотаҕа кырдьаҕастар дьиэлэригэр Танаканы Гиннес рекордарын кинигэтигэр киллэрэр, аан дойду саамай уһун үйэлээҕин бочуоттаах аатын иҥэрэр бэлиэ түгэн буолан ааспыт. Бары эҕэрдэлээбиттэр, бэлэх-туһах биэрбиттэр, кырдьаҕас японка онуоха уйадыйан, “бу мин олохпор саамай дьоллоох күнүм” диэхтээбит. “Өссө төһө өр олоруоххун баҕараҕын?” диэн ыйыппыттарыгар, “5 сыл олоруом этэ” диэбит. Кини аан дойдуга 116 сааһын туолбут 20-с киһи быһыытынан историяҕа киирбит.

Бу иннинэ Сир саамай кырдьаҕас киһитэ, эмиэ Япония олохтооҕо Мияко былырыын 117 сааһыгар өлбүтэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0