Атырдьах ыйын 3 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн күөх быйаҥ күрэҕэр 29 тыһыынча 650 киһилээх 8 тыһыынча 447 звено, 11 тыһыынча 396 араас мааркалаах тыраахтар үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Бу 8 тыһыынча 447 звеноттан толору мэхэньисээссийэлээҕэ 1 тыһыынча 833, ситэтэ суох мэхэньисээссийэлээҕэ 4 тыһыынча 689, ат көлө күүһүнэн оттооччута 164, илии хотуурунан сэбилэммитэ – 1 тыһыынча 738.
Бу күннээҕи чахчынан, 151 тыһыынча гектар иэннээх ходуһа сирэ охсулунна, 114 тыһыынча туонна от кэбиһилиннэ. Ити – сыллааҕы былаан 25 %-а.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1