«112» суһал сулууспа үлэтин саҕалаата

04.03.2020
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн олунньу 2 күнүттэн «112» Суһал сулууспа нүөмэрэ үлэтин саҕалаата. Ыксал тирээтэҕинэ ити ыйыллыбыт нүөмэринэн Суһал көмөнү, полицияны, баһаарынайдары, гаас сулууспатын, Дьокуускай куорат уонна муниципальнай оройуоннар хомунаалынай сулууспаларын, “Антитеррор” сулууспаны ыҥырыахха сөп.

«112» нүөмэргэ хайа баҕарар төлөпүөнтэн стационарнайтан уонна суотабайтан эрийэн тиийэллэр. Өскөтүн суотабай төлөпүөҥҥүтүгэр харчыгыт бүтэн хаалбыт түгэнигэр «112» син биир эрийэн тиийиэххэ, SMS ыытыахха сөп. Мобильнай оператор сибээһэ эрэ хабыан наада.

Онон ким эмит ыксаллаах быһыыга-майгыга түбэстэҕинэ, сибээс хабар сириттэн үс эрэ сыыппараны баттыыр. Суһал көмө сулууспата тохтобула суох төгүрүк суукка үлэлиир.

«112» Суһал сулууспа ситимэ Инфокоммуникационнай технология өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин иһинэн тэрилиннэ. Сулууспаҕа 25 оператор симиэнэҕэ биэстии киһи буолан үлэлиир. Бары оператордар анал үөрэҕи уонна уйулҕа бэлэмин ааспыт дьон.

Суһал сулууспа үлэтин арыйыыга, бэлиэ кнопканы баттыырга СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов, Арассыыйа ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу Николай Иванов уонна Инфокоммуникационнай технология өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин дириэктэрэ Иосиф Макаров кытыннылар.

Былырыын «112» Суһал сулууспа Дьокуускайга уонна Жатайга үлэлээбитэ. Биир суукка иһигэр суһал көмөҕө наадыйан ортотунан 1170 киһи эрийэр. 2019 сылга куорат олохтоохторуттан 180 000 тахса ыҥырыы киирбит.

«Саха сирэ», edersaas.ru

Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0