11 баһаар бохсулунна, 22 баһаар умуруорулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 18 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 139 ойуур баһаара баар.

Билигин 48 ойуур баһаарын умуруорууга үлэ ыытыллар, 11 ойуур баһаара бохсулунна, 22 ойуур баһаара умуруорулунна.
Күөх тыаны кытарартан көмүскүүргэ 3665 киһи уонна 683 араас мааркалаах тиэхиньикэ үлэлии-хамсыы сылдьар. Бу күннэргэ Сунтаар сиригэр баар икки ойуур баһаарын бохсор, Ньурба, Таатта, Нам уонна Хаҥалас улуустарын сирдэригэр баар түөрт ойуур баһаарын умуруорар сорук турар диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыы судаарыстыбаннай кэмитиэтэ иһитиннэрэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0