Ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэнии туһунан кэпсэтии барбытыгар, үгүс кыра дохуоттаах ыал көмпүүтэрбит, ноутбукпут, төлөпүөммүт суох буолан оҕолорбутун үөрэттэрэр кыахпыт суох диэн этиммитэ. Оскуолалар бэрт түргэнник испииһэк хомуйбуттара.
Ыраахтан үөрэх саҕаланыан иннинэ оскуолалар кимиэхэ интэриниэт баарын дуу, суоҕун дуу, үөрэнэр тэриллээҕин дуу, суоҕун дуу испииһэктээбиттэрэ. Ол түмүгэр, бастакынан Дьокуускай куорат уокуруга кыра дохуоттаах, тиийиммэт ыал оҕолорун ноутбугунан хааччыйабыт диэн иһитиннэрбитэ, сакаастаан аҕалтарбыта.
Билигин даҕаны тустаах боппуруос уҕараабат. Ил Дархан, үөрэх миниистирэ быһа сибээһинэн таҕыстахтарына уонна социальнай ситимҥэ страницаларыгар дьон үгүстүк туоһулаһар.
Ил Дархан Айсен Николаев Инстаграмыгар “Коронавируһунан сибээстээх үгүстүк биэрэр ыйытыылар” диэн таһаарда. Манна тустаах боппуруос эмиэ киирбит. Онно сурулларынан, мониторинг көрдөрбүтүнэн, 11 569 оҕо ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэнэригэр тиэхиньиичэскэй тэрилэ суох эбит. Итинтэн 10 520-тэ — оскуола үөрэнээччитэ, 1049-һа — орто анал үөрэх устудьуона.
“Күн бүгүн планшет атыылаһыыга үлэ барар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 148 оскуола 1099 көмпүүтэри быстах туһанарга диэн үөрэнээччилэригэр уларсыбыт, оттон Дьокуускай куоракка — 524”, — диэн ыйыллар.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru