105 миллиард солкуобай көрүлүннэ

16.05.2020
Бөлөххө киир:

Бэс ыйыттан, ол эбэтэр былааннаммыт болдьохтон биир ый эрдэлээн, 3-7 саастаах оҕолорго ый аайы бэриллэр босуобуйа төлөнөн барыаҕа.

Босуобуйа кээмэйэ эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйин аҥаарын саҕа, Саха сиригэр бу 8,6 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр. Бу төлөбүрү хас биирдии киһиэхэ тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах ыйдааҕы дохуоттаах дьиэ кэргэттэр ылар бырааптаахтар. Манна эбэн эттэххэ, 3-15 саастаах оҕолорго бэриллэр 10 тыһыынча солкуобайдаах төлөбүр дьиэ кэргэн дохуотугар эбии ааҕыллыбат. Онон 10 тыһыынча солкуобайы ылбыттарын да иһин, кыаммат ыал ахсааныгар киирсиэхтэрин сөп.

Үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Антон Котяков эппитинэн, федеральнай да, эрэгийиэннээҕи да таһымҥа нуорма докумуоннара оҥоһуллубуттар, тиэхиньиичэскэй платформа бэлэм буолбут. Онон ыам ыйын 20 күнүттэн сайабылыанньалары “Госуслуги” портал нөҥүө тутан саҕалыахтара. Интэриниэтинэн кыайан биэрбэт дьон Элбэх өҥөнү оҥорор киин (МФЦ), эбэтэр социальнай көмүскэл управлениеларын нөҥүө биэриэхтэрин сөп диэн миниистир бэлиэтээтэ.

Төрөппүттэртэн биирдэстэрэ харантыын кэмигэр үлэтэ суох хаалбыта бигэргэннэҕинэ, урукку үлэтигэр ылбыт хамнаһа дохуот быһыытынан ааҕыллыбат. Уопсайынан, босуобуйаны ыларга сайабылыанньаттан ураты атын докумуон ирдэммэт, социальнай управлениелар тустаах тэрилтэлэртэн бэйэлэрэ булан оҥороллор.

Федеральнай бүддьүөттэн 105 миллиард солкуобай көрүллүбүт. Үс ый иһигэр 2 мөлүйүөнтэн тахса оҕо бу босуобуйаны ылара былааннанар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0