10438 га иэннээх сир умайар

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар ардахтаан, ойуур баһаардара арыый даҕаны аҕыйаатылар. Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ 10438 га иэннээх сир умайа турар.

edersaas.ru


Ойуур сыһыаннаһыыларын депатаменын чахчыларынан, Бүлүү улууһугар 4 814 га, Горнайга – 2 га, Кэбээйигэ – 12 га, Намҥа – 930 га, Тааттаҕа – 960 га, Уус Алдаҥҥа – 450 га, Уус Маайаҕа – 245 га иэннээх сир умайар. Маны таһынан Бүлүүгэ – 55 га, Горнайга – 1250 га, Кэбээйигэ – 290 га, Тааттаҕа – 1250 га, Чурапчыга – 180 га сиргэ турбут баһаар бохсулунна.

Баһаары умулларыыга 725 киһи уонна 37 тиэхиньикэ үлэлиир.

Өрөспүүбүлүкэҕэ бу сааскыттан уопсайа 207 ойуур баһаара бэлиэтэнэн, 23576,6 га сир уокка былдьанна.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0