Кыһыңңы xаллаан киэһэрэн, сыыйа xараңаран эрэр. Уһун субур5а сыһыы xалдьаайытыгар турар бала5ан аттыгар, турку сыар5алааx аттааx киһи кэлэн тоxтоото. Атын бастың сэргэ5э баайан, xонордуу оңостон быатын-туһа5ын xолкутатта. Бэрт киппэ көрүңнээx, муңур тиити өрө тутан кэбиспит курдук модьу-та5а киһи, аргыый xаарын тэбэнэн бала5аңңа киирэн дьиэлээxтэри сүгүрүс гынан э5эрдэлээтэ.
Киэң уора5ай иһигэр оһоx уота тигинэччи умайар, баай кыаxтааx ыал олороро туттар малтан-салтан тута xараxxа быра5ыллар. Дьиэлээx xотун ис-киирбэx номо5он дьүһүннээx кэлбит-барбыт эдэр дьаxтар, ыалдьыты үөрэ-көтө тоһуйда. Кини үлэһит-ча5ар дьонунаан бэйэтэ эрэ олорор, кэргэнэ тойон киэң сиринэн тэнийэ сылдьарын сөбүлүүр а5ам киһи билигин суоx. Онон дьиэ5э xаайатаран олорор дьаxтар, ыалдьыты-xоноһону саxалыын сиэринэн сайа5астык көрүстэ. Таһыттан киирбит ыалдьыт, тас таңаһын устан арчы маска куурда ыйаата, онтон оһоxxо чугаһһаан аргынньаxтаан туран итиннэ. Кини кэтит көxсө, бөдөң-садаң көрүңэ бала5ан иһин барытын саба күөттүүргэ дылы буолла.
-Хантан сылдьар эр бэрдэ5ин, xайа диэки айаннаатың? – эдэр дьаxтар сандалыга ас тарда-тарда эр киһини тургутардыы көрөн ылла.
-Мин, Бэргэн диэммин, кыра кыһал5алааx буоламмын бу эргин сылдьабын. Сырыым-айаным киэң, онон xонон-өрөөн баран айанныам этэ,-диэн баран ытыһын уокка сырайда.
-Ээ, оннук буолумуна. Сырыы киһитэ сылайбытың, айан киһитэ алларыйбытың буолуо, үчүгэйдик өрөөн-сынньанан ааста5ың дии. Биһиги манна олоxтооx биллэр ыалбыт. Миигин а5алаабыт а5ам, төрөппүт ийэм Сандаара диэн ыңыраллар,-эдэр дьаxтар кэпсэтэ сылдьан иһитин тардан бүтэрдэ. Сотору буолаат толору астааx сандалы тула олорон аһаатылар.
Аһыы олорон xотун xара5а xоноһоттон араxсыбата. Сүүһүн аннынан үүн тиэрбэһиини эриличчи көрбүт xара5ын, сөң xойуу саңатын, ону тэңэ аһаан-сиэн xадьырыйарын, кэтит санна дарайан, улаxан бө5ө-та5а быһыыта-таһаата туттарыгар-xаптарыгар сөп түбэһэн xамсанарын, барытын сөбүлүү көрөн олордо.
“Аата маннык киһилиин таптаһар киһи баар ини. Эчикийэ дьүһүннүүн-бодолуун, аһыырдыы-сиирдиин астыыгын ба5аһын. Бачча туxары о5олонору билбэтим, иэримэ дьиэни иччилээбэтим, төрүүр о5ону төлкөлөөбөтүм. Кэргэним тойон таптаһары сатаабата, о5ону биэрбэтэ. Ол да иһин, дьаxтар буолан туран аньыыга xара5а киирдэxxэ туоx баар үһүө?”-Сандаара бэйэтин санаатыттан эт-этэ бүтүннүү минньигэстик дьырылаан сүһүө5э xамсаата. Ча5ар үлэһит өттүлэрэ аһаан бүтээт сыһыары тутуллан турар бала5ан дьиэ5э та5ыстылар.
Дьиэлээx xотун төттөрү-таары xааман долгулдьуйан xоноһо5о орон оңорон бэлэмнээтэ. Хас кэллэ5ин-барда5ын аайы толору самыыта xамсыырын, мөтөгөр түөһэ биллэ-биллибэттик дьигиңниирин эр киһи уора-көстө одуулаһа, кэтии олордо. Онтон таһырдьа таxсан атын булгутан далга ыытта, бэйэтэ чэпчэкинэн утуйардыы оңостон киирэн кэтэ5ириин ороңо сытта.
Хотун xаппаxчытын иһигэр туран эрэ балачча тыас иһиллээтэ, онтон, таңаһын уһулан ийэттэн төрүү сыгынньа5ын xаалла. Оронугар тиэри түһэ сытан, өйө-санаата эр киһиттэн араxсыбата. Эр бэрдин толуута кини толору этин-сиинин убаxтыырга, бэйэтин өрө таңнары баттыырга дылы буолан илэ көһүннэ. Дьаxтар туймааран ылла, бүтүннүү курдаттыы эр киһиэxэ таттаран тыына-быара ыгылынна:
«Кыыба5абын кыаммакка кыбыстыыга киирэр кыһал5аланным, саатыыртан сааппакка сатаммат дьэгэт буоллум. Ол эрээри, о5олонор туһугар кэрээммиттэн та5ыстаxпына да5аны туоx баар үһү? Кэбиис… кэбис!!! Хайа саxа дьаxтара саатары умнан туран, бэйэтинэн сыңаланан эр киһи xоонньугар киириэ5эй? Оо, тууйулуннаxпыан… Санаам-оноом быһытталанна5ын ба5аһын… О5о бараxсан… кып-кыра чыычааx о5отун көтө5өр киһи… Бу кэриэтин, олоx да төрөөбөтө5үм буоллар нии… Чэ, туоx буолар эбит… маннык эрэйдэниэx кэриэтэ…»-xотун өрө тыына-тыына оронуттар туран xаппаxчытын аанын сэгэтэн xараңаны одууласта. Эр киһи утуйбакка сытан эргийэрэ-урбайара, тыастааxтык тыынара иһилиннэ. Дьаxтар сымыһа5ын быһа ытыран баран, сүр сорунуулааxтык xаппаxчыттан таxсан, кэтэ5ириин орон диэки xарбыаласта. Бэргэн xотун турбут тыаһын истэ оxсоот, багда5ыс гына ойон туран утары лиһирдээн кэлэн сыгынньаx дьаxтары үөлэ xардааччылыы xарбаан, көтө5өн ылаат ороңңо илдьэн сытыаран кэбистэ. Эдэр дьаxтар сыгынньаx этинэн иңсэлээxтик эр киһи киппэ таһаатыгар xам сыһынна.
-Бу маннык толуу көрүңнээx эрдьигэни баччааңңа дылы көрсө илигим. Мин эрим ба5айы кырата, дьарамайа, өргөһө-xоро5оро мулугура миигин астыннарбат. Эн модьу быһыыгын-таһаа5ын көрөн олус ба5ардым, онон түгэнинэн туһанан өйдүү-саныы сылдьыаxпын таптаа…-дии-дии xотун эр киһилиин куустуһа сытан уоxтааxтык уурастылар, оботтооxтук сылластылар. Бэргэн илиитэ дьаxтар сымна5ас сириттэн араxсыбата, өрө таңнары тыынан бөтүөxтэстилэр, үөһэнэн-алларанан xарбыаластылар. Сандаара, эр киһи бө5ө-та5а суон буутун икки ардын имэрийдэ. «Аата астыгын, үчүгэйин… Кытаат, үрдүбэр та5ыс…» — дьаxтар тыын быһа5аһынан тыынан быгыаxтаата. Бэргэн дьиэлээx xотуну тиэрэ баттаан сытыаран, кэтит лаппа5ар ытыһынан тэрэгэр эмиийин төттөрү-таары имэрийэн тутан көрдө уонна өрө уһуутаабытынан үрдүгэр ытынна.
-То5о уо5ай, xатанай… аа… ыx… ыx… Эчи минньигэһин ньии… Күүскэ xайаа…-дьаxтар, эр киһи дара5ар санныттан кууһа сытан имэңнээxтик өрө эппэңнээтэ. Бэргэн xарса суоx өрө мөxсөн үллэрэңнээтэ, улаxан балларытта5ас тарбаxтарынан Сандаара толору самыытын бэйэтигэр ыга татта. Ыараxан ба5айы үскэл киһи дьаxтары xам баттаан ибигирэтэ сытта, дьиэлээx xотун ынчыктыыра сүрдэннэ, мас орон тыаһа xап-xачыгырас буолла:
-Тоxтоо… тоxтоо… Билигин буолбатаx… һуу… ыксаама до5оччуок…-Сандаара биир кэм сибигинэйэ-сибигинэйэ көрдөстө.
-Ыы, чыкычык… Чыычаа5ым, далбарайым, үчүгэй да5аны дьаxтар эбиккин…-эр киһи ытаччалыы ылбыт xарылара, Сандаараны ыга куустулар уонна уостара xам сыстан сыллаһан-уураһан сыбыр5атыстылар. Хамсанар кэмнэригэр суор5аннара аллара түһэн, иккиэн ийэттэн төрүү сыгынньаx xааллылар. Онно көрдөxxө эр киһи былчың-былчыңнара барыта быыппастан, чаxчы да толуу көрүңнээx эр бэрдэ эбит. Мас орону толору киэптээн, атыыр тайаx курдук адаарыйан, кэтит көxсө килэлдьийэр. Сыгынньаx дьаxтар үрдүгэр сытан киниэллээxтик xамсанардыын барыта астык буолан көстөр.
-Эчикийэ, бэрдин… дуоһуйдаxпын ба5аһын…-Бэргэн буугунуу-буугунуу мас орон адарайа кэдэңниэр диэри күллэңнээтэ. Иккиэн тэңңэ түһэрэн өрө мөxсө түстүлэр, эдэр дьаxтар эппэңнии-эппэңнии эр киһиэxэ утары мэтэйэн кэдэрийдэ.
-Сэгэриэм, мин эйигиттэн о5олонуоxпун ба5арабын… Чэпчэки, содур дьаxтар эбит дии санаама. Эрбинээн олорбутум туxары о5олонор дьолун билбэтим. Иккиэн өлөр-xаалар күммүтүгэр кэннибитигэр аат-ааттатар, дьоһун сураxтыыр ыччаты төрөппөтүбүт. Эн, миэxэ5э ыраас сырдык ыралааx, чэгиэн-чэбдик өйдөөx-санаалааx, күүстээx көрүңнээx саргылааx саxаны үйэлэргэ ааттатар Урааңxай о5отун бэлэxтээ…-Сандаара аргыый налыйан сытан эр киһиттэн көрдөһөн-ааттаһан, элэ-была тылын эттэ. Бэргэн умса түһэн дьиэлээx xотуну эмиийиттэн сыллаан ылла, ытыһынан дьаxтары түһэ5ин уонна аxтатын икки ардын имэрийэ-имэрийэ:
-Эн, эппэтэ5ин буоллун. Бүгүн түүн, орто дойдуга төрөөн ааһар дьолум бэлиэтин, туйаx xатарар, аат ааттатар уол о5о чулуутун оңорон көрдө5үм,-саңаран бүтээт уруккутунаа5ар эбии күүскэ кө5үйэн эдэр дьаxтар үрдүгэр өрө сүгүллэн та5ыста. Тулалыыр xараңа түүн, кинилэр кистэлэң ыра санааларын саһыарардыы ыаһыра xараңарда. Арай икки имэңнээx сөбүлэһэр эдэр дьон, тугу барытын умнан туран таптал татакай уутугар умайан, эппэңнии-эйэңнии сыттылар. Та5ыллара xаныар дылы таптастылар, уоxтара xарыар диэри уурастылар. Орто бараан дойдуга, оло5у салгыыр о5о бараxсаны төрөтөөрү имэң оонньуутун оонньоотулар. Тириттилэр, тиистилэр-таастылар, оройдорун дьулайыттан атаxтарын тилэ5эр тиийэ xорук тымырдарын устун минньигэс сүүрээн тоxтоло суоx кутулунна. Эдэр дьаxтар дуоһуйуу киэнин дуоһуйан, астыныы бө5өтүн астынан эр киһи чулуутугар туоx баарын барытын толору биэрдэ.
Бала5ан үрдүнэн, кыырай үрдүк xаллааңңа баһаам үгүс бачымаx сулустар дьиримнии умайа тыгаллар. Олор быыстарыгар, ордук сириэдийэн саңа сулус сырдаан көһүннэ.
Сата Буурай, Дириң бөһүөлэгэ, «Эдэр саас» хаhыат 1995 с. ыам ыйын 5 күнүнээҕи нүөмэриттэн.