103 тыһыынча Ийэ хапытаалын сэртипикээтэ бэриллибит

Бөлөххө киир:

Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаата 2021 сыллааҕы үлэтин-хамнаһын түмүгүн таһаарда. Пуонда биэнсийэни эрэ буолбакка, сорох социальнай төлөбүрдэри эмиэ түҥэтэр.

Саха сиригэр ыйдааҕы харчынан төлөбүрү (ЕДВ) 60 832 киһи ылар. Ыйдааҕы эбии материальнай көмөнү быйыл 210 киһи (сэрии бэтэрээннэрэ, сэрии инбэлииттэрин огдооболоро, концлааҕырдар, геттолар хаайыылаахтара, сулууспалыы сылдьан, эчэйиини ылбыт байыаннай сулууспалаахтар) ылар.

Былырыын 16 909 үлэлээбэт биэнсийэлээх сынньана барарыгар айанын ороскуотун толуйар көмөнү ылбыт. Барыта 551 596,7 тыһыынча солкуобай төлөммүт.

Ону тэҥэ, 2021 сылга 7327 Ийэ хапытаалын сэртипикээтэ бэриллибит. Дьэ, былырыын федеральнай Ийэ хапытаалын сэртипикээтэ лоп курдук 100 тыһыынча ахсааннаах оҕоҕо бэриллибитэ. Онон, 2007 сылтан саҕалаан, бырагыраама үлэлиэҕиттэн, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 103 131 Ийэ хапытаалын сэртипикээтэ бэриллэн турар.

Коронавируснай инфекция тарҕаныытынан, дьиэ кэргэттэргэ көмөлөһөр миэрэ чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 6-тан 18-гар диэри саастаах 177 тыһыынча оҕоҕо 10 тыһыынча солкуобайдаах көмө бэриллибитэ. Барыта 1,7 миллиард солкуобай төлөммүтэ. Онтон балаҕан ыйыгар 275 тыһыынча биэнсийэлээххэ эмиэ 10-нуу тыһыынча солкуобай төлөммүтэ (уопсай суумата – 2,7 миллиард солкуобай).

От ыйыттан ыарахан дьахталларга уонна кыра дохуоттаах аҥаардас төрөппүттэргэ саҥа босуобуйалары биэрэн саҕалаабыттара. Билиҥҥи туругунан, 14 тыһыынча киһи маннык көмөнөн туһанар. Бу төлөбүрдэр пуонда килийиэннэри кытары үлэлииргэ киллэрбит саҥа ньымаларын туһанан, төлөнө тураллар.

Быйыл ыам ыйыттан 8-16 саастаах оҕолоох, кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ саҥа босуобуйа бэриллиэхтээх. Ыам ыйыттан сайабылыанньалары ылан саҕалыыллар, ол эрэн, босуобуйа хос ааҕыллан (перерасчет), муус устар ыйтан төлөнүөҕэ.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Нерюнгригэ олорор элбэх оҕолоох Юдинцевтар (sakhagov.ru)

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0