Бүгүн, алтынньы 20 күнүгэр edersaas.ru сайт аналлаах корреспондена Өлүөнэ өрүс кытылыгар киирэн Аллараа Бэстээххэ туоруур паром туругун билистэ.
Мин аахпыппынан уопсайа 50-ну кыайбат массыына баар. Олортон 80 бырыһыана – улахан тягячтар. Кыра, улаханнык ыксаабыт бадахтаах, УАЗ-тар эмиэ уочараттыы тураллар. Дьыл баччатыгар уҥуор туоруурга (Бэстээхтэн Дьокуускайга, Дьокуускайтан Бэстээххэ) санаммыт массыыналары киһи аһына көрөр.
Сыана сайыҥҥынан эбитэ буоллар (фургон УАЗ – 800 солк), манна ынырык хартыына көстүө этэ. Сыана түөрт бүк ыараан (фургон УАЗ – 3000 солк) кыра наадалаах дьон айаннаабат буолбуттар. Туһугар эмиэ сөп.
Билигин Өлүөнэ эбэни пассажирдар эмиэ паромҥа кэлэн туорууллар. Таксилар эмиэ тохтообуттар дииллэр. Илин эҥэр таксилара Бэстээххэ диэри аҕалаллар, салгыы пассажирдар “Ирбистэринэн” (1500 солк), эбэтэр паромунан (240 солк.) туорууллар.
Паромнар Дьокуускай аннынан тиксэр сирдэрэ – Даркылаах.
Прокопий БУБЯКИН