Прокопий Бубякин «Вызов-кузов» аахсыйаҕа кыттыста

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Саха ыччатын — бырамыысаланнаска» бырайыак ааптардарыттан биирдэстэрэ, уопсастыбанньык #100ДрузейСайсары уонна «Вызов-кузов» аахсыйалар чэрчилэринэн эргэ массыына арааматын сыбаалкаҕа тиэйдэ.

edersaas.ru

Дойдуга биллэриллибит Үтүө дьулуур сылынан уонна #100ДрузейСайсары хамсааһын чэрчитинэн, Сайсары уокуругар ырааһырдыы субуотунньуга саҕаламмыта өр буолла. Манна куоратын ырааһырдар баҕалаах киһи,  ким баҕарар кыттыан сөп. #100ДрузейСайсары Сайсары уокуругун олохтооҕо, уопсастыбанньык Павел Ксенофонтов үтүө дьыала чэрчитинэн норуот хамсааһыннарын, бырайыактары тэрийэр соруктаах саҕалаабыта.

Ол курдук, бу тэрээһиҥҥэ кыттар дьон араас хайысхалаах үлэни ыыталлар — кыамматтарга көмөлөһөллөр, кирдээх уунан туолбут улууссалар ууларын хачайдаан ыраастыыллар, ырааһырдыы субуотунньуктарын тэрийэллэр. Аахсыйаҕа бөлөҕүнэн уонна биирдиилээн кытталлар.

Прокопий Бубякин уопсастыбаннай үлэҕэ эмиэ дьону бэйэтинэн көҕүлүүр, хас да өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах бырайыактары ыытар уопуттаах уопсастыбанньык буолан, #100ДрузейСайсары аахсыйаны өйөөн, Үтүө дьулуур сылыгар кыттыһан, хас да сылы быһа сыппыт эргэ массыыналар хаарбах тимирдэрин ыраастыыр субуотунньугу тэрийдэ.

— Бу аахсыйа баарын уруккуттан билэбин, кыттыахпын баҕарбытым ыраатта. Бүгүн киин куораппытыгар былыр-былыргыттан саха дьоно түөлбэлээн олорор уокуругун дьонугар көмөлөһөн, ытык күөлбүт Сайсары уокуругун ыраастыыр сыалтан,  уопсастыбаннай аахсыйа чэрчитинэн ыраастааһын үлэтигэр бэйэм кылааппын киллэрдим. #100ДрузейСайсары  норуот аахсыйата салҕанар. Ким кыахтаах таптыыр куораппытыгар үтүө дьыаланы оҥорорго кыттыһаргытыгар ыҥырабын, — диэн санаатын тиэрдэр аахсыйа кыттыылааҕа Прокопий Бубякин.

Бу курдук, хас биирдии олохтоох уопсастыбаннай аахсыйалары тэрийэн, олорор сирдэрин ырааһырдыыга үлэлэстэҕинэ, улахан хамсааһын тахсыа этэ. Үтүө дьулуур сылыгар «Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ» диэн  өс хоһооно ордук дириҥ ис хоһоонноох уонна суолталаах.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0