1000 кэриҥэ социальнай үлэһиккэ «Амарах сүрэх иһин» бэлиэ туттарыллыаҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн дойду үрдүнэн социальнай үлэһиттэр идэлээх бырааһынньыктара бэлиэтэнэр.

Саха сиригэр социальнай сулууспаҕа 4000 кэриҥэ киһи күн ахсын кыһамньылаахтык үлэлээн, көрүүгэ-истиигэ наадыйар дьоҥҥо сүрэҕин сылааһын бэрсэр.

Саха сирин социальнай үлэһиттэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ, СӨ нэһилиэнньэни көрүү-истии кэлим киинин дириэктэрэ Наталья Пахомова биир идэлээхтэрин бүгүҥҥү бэлиэ күннэринэн эҕэрдэлээтэ. Өрөспүүбүлүкэ социальнай үлэһиттэригэр туһуламмыт эҕэрдэтигэр пандемия кэмигэр социальнай үлэһиттэр эбээһинэстэрин үтүө суобастаахтык толорон, мэдиссиинэ үлэһиттэрин кытта инники күөҥҥэ сылдьалларын бэлиэтээтэ. «Олохпут укулаатын бүтүннүүтүн уларыппыт кэм социальнай сулууспа иннигэр саҥа соруктары туруоран, социальнай үлэһит идэтэ дьоһун суолталааҕын уонна олоххо быһаччы наадалааҕын көрдөрдө. Сыл устата үлэ саҥа ньымата, социальнай өҥөнөн туһанааччыларга тиэрдэр саҥа инновационнай миэрэлэр киирдилэр. Бу кэмҥэ үлэбитигэр көрсүбүт туох баар ыарахаттарбыт барыта, бириэмэ көрдөрбүтүнэн,  биһигини күүһүрдэн уонна сомоҕолоон биэрдилэр», — диэтэ.

Наталья Пахомова пандемия  бүрүүкээбит кэмигэр социальнай үлэһиттэр сойуустарын иннигэр үлэһиттэр доруобуйаларын харыстааһын, кинилэр санааҕа ылларбакка ыарахаттары этэҥҥэ туоруулларыгар көмөлөһүү соруга турбутун эттэ. «Сыл устатыгар СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин кытта социальнай үлэһиттэргэ анаан уйулҕа көмөтүн  тиһигэ олохтонно. Биһиги психологическай көмө сулууспатын тэрийии үчүгэй уопутун салгыы сайыннарар санаалаахпыт«, — диэн Наталья Пахомова иһитиннэрдэ.

Бүгүн  Арассыыйаҕа  биир бастакынан, Саха сирин 1000 кэриҥэ социальнай үлэһитэ «Амарах сүрэх иһин» бэлиэнэн бэлиэтэниэхтэрэ.  «Социальнай педагогтар уонна социальнай үлэһиттэр союзтара» Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ олохтообут бэлиэтин биэс сылтан итэҕэһэ суох социальнай эйгэҕэ, доруобуйа харыстабылыгар эҥкилэ суох үлэлээбит үлэһиттэргэ, ис сүрэҕиттэн үтүө суобастаахтык үлэлиир, ыйыллыбыт эбээһинэстэрин хаачыстыбалаахтык толорор, көхтөөх уопсастыбаннай үлэтин иһин, кырдьаҕастарга уонна инбэлииттэргэ болҕомтотун ууран, кыаммакка көмөлөһөн, кинилэр олохторун хаачыстыбатын тупсарыыга сыратын иһин, коронавирус дьаҥын кэмигэр эмсэҕэлээбит дьоҥҥо өҥөлөрүн иһин туттарыахтара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0