Дьокуускай куорат полициятын 2 №-дээх отделыгар биир дьахтар эрийэн, дьиэтиттэн 1000 дуоллар харчытын уорбуттарын туһунан иһитиннэрбит.
Кини полицейскайдарга быһаарбытынан, бу харчытын Доминиканаҕа сынньана барарыгар уура сытыарбыт. Ол барыахтааҕа, путевкатын атыыласпыт турагентствота түөкүннээһиҥҥэ буруйданан, холуобунай дьыалата силиэстийэлэнэ сылдьар буолан, тохтотуллубут.
Уорууга уорбаланааччыны полиция оперативниктар туппуттар — дьахтар бииргэ олорор киһитэ эбит.
Бу киһи дьыала тэриллэн, «гражданскай» ойоҕо барбат буолбутун билэн, ол уурбут харчытын уоран ылан, букмекерскай хонтуораҕа спортставкаларга уган, барытын сүүйтэрэн кэбиспит.
Бу чахчынан «уоруу» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэриллибит.
Бу туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн