“ 100 тыһыынча — “лас!”

20.07.2017
Бөлөххө киир:

                                                                                                                                                          (фельетон)

Сүгүннүүрэбэ судьуйа дьыала көрө тиритэ-хорута олорор. Түннүк утары буолан, ачыкытын тааһа биир кэм килэбэчиҥнэс. Онуоха эбии, халыҥ таас нөҥүө суптурута көрүтэлээтэҕинэ, хайдах эрэ тыбыс-тымныынан хаарыйтарбыт курдук, “дьар” гына түһэҕин. Дьулаана да бэрт: судьуйа, борокуруор… Киэһээ аһыырдаах киһи кинилэри кытта ыалласпатаҕа ордук.


Судьуйа уҥа-хаҥас өртүгэр сэтээтэллэрэ, күөгэлдьийбит мааны дьахтар уонна өкчөллүбүт аҕамсыйбыт киһи, биһиги туохпут дьыалатай диэбиттии, олох да сыһыана суох дьон курдук тутталлар-хапталлар.

Үҥсээччи, тыын быһаҕаһынан тыыммыт, биримээнэ саал да моой Түллэҥниирэп уонна сокуон, докумуон, ыспыраапка тылынан ньылбырытар, наада буоллаҕына дьөлө хараҕалыы олорор айбакаата “үчүгэйдэтэн эрэр” дьон быһыытынан, бастакыта икки дьабадьытынан күүгэн алла-алла, иккиһэ күөх оту тосту үктээбэттии ньылбаарыйан, сууттанааччы Ухханныырабы тыын ылларбат үлүгэрэ, дьыаланы көрө олорор судьуйа көҥүллээһининэн мөрөйдөөһүн кытаанаҕа.

— Сиэбит диэбит буола-буола. Хаһан мин сиэбиппин көрбүккүнүй?! — Түллэҥниирэп кэдэллэн туран ордоотуур.

— Табаарыс суруналыыс Ухханныырап, “Сиэбит сиһэ кэдэгэр” диэн ыстатыйаҥ аҥардас төбөтө да улахан тэрилтэ салайааччытын личноһын, аптарытыатын куруубайдык баһааҕырдыы буолар, — айбакаат “тып” курдук тутан турар паапкатыттан бэчээттээх кумааҕыны хостоон тэлимнэтэр. — Күн өйүнэн сылдьар, доруобай туруктаах киһи хайдах буолан кумааҕыны, буолаары буолан харчыны сиэҕэй. Ол аата эн, табаарыс суруналыыс Ухханныырап, сүүһүнэн үлэһиттээх тэрилтэ салайааччыта Түллэҥниирэби өйө хамнаабыт, онон кумааҕы харчыны сиир диэн бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн баһааҕырдан, балыйан саакка-суукка ыыттыҥ. Бу, табаарыс Түллэҥниирэп ньиэрбэ ыарыһах буолбатаҕын, доруобуйатын туругар психоневрологическай өртүнэн ханнык да кыра кэһиллии суоҕун туоһулуур психоневрологическай диспансер ыспыраапката баар.

Айбакаат бүк тутуллан хаптаччы өтүүктэммит сыыҥ сотторун сиэбиттэн ороон, биллибэтинэн мүчүҥнээн ыла-ыла уоһун-тииһин ньухханна, көхсүн этиттэ:

— Аны Түллэҥниирэби сиһэ кэдэгэр диэн хомпуустуугун. Бу эмиэ киһи личноһын,  быһыытын-таһаатын таарыйыы, күлүү-элэк оҥостуу буолар. Һм-һм,— устунан айаҕын саба туттан, кыатана сатыы-сатыы “сөтөллөн” суптугур сарыннара эйэҥэлэһэллэр.

Ухханныырап тиритэн илийбит ытыһынан көлөһүннүрбүт сүүһүн туора соттоот, кыһыйбытын-абарбытын кыатана туттан, босхо барбыт илиилэрин ханна да гыныан булбакка, мускуйбахтаан баран, иннигэр турар олоппос өйөнөрүн хам туппутунан ойон туран:

— Убаастабыллаах судьуйа, Түллэҥниирэп тэрилтэтин 20 мөлүйүөн солкуобай суумалаах үбүн-харчытын уҥа-хаҥас ыскайдаабытын, финансовай дьиссипилиинэни куруубайдык кэспитин Хонтуруоллуур-ревизиялыыр управление бэрэбиэркэтэ дакаастаан турар. Онно олоҕуран дьыала борокуратуураҕа бэриллибитэ, — диэн эрдэҕинэ, судьуйа Сүгүннүүрэбэ иннигэр сытар сокуоннар хомуурунньуктара кинигэни илиитин таһынан халбарыччы анньаат:— Көр эрэ маны, көрүллэр дьыала ис хоһоонун онон-манан кубулдьутан токурута сатаама! — өрө хабылла түстэ. — Табаарыс Түллэҥниирэп харчыны сиэбэтэҕэ, манньыаты ыйыстыбатаҕа чуолкай дакаастанна. Өйө хамнаабатаҕа доумуонунан бигэргэнэр. Онон эн, суруналыыс Ухханныырап, өлүөр, доруобай киһини соруйан үөҕэн, сымыйанан холуннаран, баһааҕырдан моральнай охсууну оҥорбутуҥ, достуойунустубатын түһэрбитиҥ толору дакаастанар. Суут бириигэбэри таһаарыар диэри, биэс мүнүүтэлээх тохтобулу биллэрэбин. Көрүдүөргэ тахсан кэтэһиҥ! — диэт, арыйан олорор дьыалатын саба тутан кэбистэ. Сүүһэ элэйбит лаахтаах мас өтүйэтинэн остуолга сытар, эмиэ лаахтаах анал хаптаһыны “тос” гына сырбатан тыас таһаарда.

Харчыны “сиэтэ” диэн үөҕүллүбүтэ дакаастанан, суут уурааҕынан суруналыыс Ухханныыраптан 100 тыһыынча солкуобайдаах саат куттаран ылбыт Түллэҥниирэп кыайан-хотон, саха тэҥэ суох туттан, тахсар ааны атаҕынан тэлэйэ тэбэн аа-дьуо таһырдьа түөһүллэн иһэн, кэннигэр: “Ыччаа, ааны саа-ап!”— диир хаһыыны иһиттэ. “Ити эмиэ хайаларай? Ааны сап… ынаҕы сап…” — диэн уоһун иһигэр мээнэнэн ботугуруу, туруору кирилиэһи түһэн ортолоон иһэн эмискэ эмэһэҕэ тэптэрбиттии ходьох гына түстэ. “Бээ-эрэ, ааны сап. Ол мин туохпунуй, атыыр оҕус курдук ааны саба сылдьабын дуо? Оо, сахам тыла барахсан, эридьиэстээн-эрийэн түһэн, оҕуруктаах тылгын!— Түллэҥниирэп харахтара уоттанна, бэргэһэтин өрө анньынна, самыыга “лас” гыныммытын өйдөөмүнэ да хаалла. — Суруналыыстарбыт, хаһыатчыттарбыт дии-дии өрөппөөннөһөн эриҥ. Сахсырҕаны да, миниистири да хаһыатынан биирдэ хам охсор кыахтаахпыт, биһиги “төрдүс былааспыт” дэһэ-дэһэ түөскүтүн охсунаргыт ааспыта. Ол аайы урукку хомуньуус баартыйа обкуома суох. Билигин көҥүл үйэ. Суруксуттаабыккыт аайы тутуһуох, баайсыах диэтэххэ тоҕоос элбэх. Сүүрбэ сыл да анараа өртүнээҕини ороон таһааран, оннук эккирэтиспитиҥ, маннык диэбитиҥ диэн дьыала тэрийиэххэ сөп. Ол аайы сууттуур былаас син биир биһиги диэки!” — Түллэҥниирэп хаамара-сиимэрэ, туттара-хаптара эрчимирэн кэллэ.

“Бээ-бээ, өссө ким баарый. Хайаларынан ааны саптарабыный? Ээ, сөп-сөп. Били  Алаһалыырап хара ыты үктэтиэххэ! Былырыын “Саха сиригэр” биһиги тэрилтэбит үрдүгэр була сатыы-сатыы кулгуйбута сүрдээх этэ. Чоорт подери, өссө 100 тыһыынча — “лас”! Оо, дьэ оттон, оҕо бочоохпун!..”— Түллэҥниирэп субу-субу сутуругун өрүтэ анньыалыы-анньыалыы, өттүктэрин сууралана-сууралана Дьокуускай хорук уулуссатын устун түһэн түллэҥнии турда.

Уйбаан СИЛИГИ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0