Чахчыта, билигин дьиэ кэргэҥҥэ хаһааҥҥытааҕар да элбэх көмө, чэпчэтии оҥоһуллар. Ол туһунан “Саха ыала” сыһыарыыга элбэхтик суруйан, сырдатан кэллибит. Онон, Ийэ сыла биллэриллибитинэн, кылгас кэмҥэ тохтуу сылдьан баран, быйылгыттан “Саха ыала” сыһыарыыны сөргүтэргэ, холобур буолар кыахтаах үтүөкэн дьиэ кэргэттэри сырдатарга уонна социальнай хабааннаах суруйуулары элбэтэргэ быһаарынныбыт.
Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар, өрөгөйдөөх, үөрүүлээх түгэҥҥэ хас биирдии киһи туох эрэ туһалааҕы, суолталааҕы оҥорорго кыһаллар. Онон, “100 сылга – 100 ийэ туһунан” диэн бырайыагы саҕалыыбыт. Манна олох уйгутун уһансыбыт үтүөкэн үлэһит дьахталлар, Дьоруой Ийэлэр, дьиэ кэргэн бастыҥ хаһаайкалара, холобур буолар эдэр ийэлэр, уо.д.а. сырдатыллыахтара.
Быйылгы судургута суох сыл Ийэ сылынан биллэриллибитэ барыбытыгар да суолталаах. Тоҕо диэтэр, киһи олоҕор саамай күндү, уйан өйдөбүлэ – Ийэтэ. Киһи сааһырдаҕын, оттомурдаҕын аайы ону өссө дириҥник өйдүүр эбит. Ийэҕэ махтал оҕолоргор салҕанар, киниэхэ ситэ эппэтэххин оҕолоргор тапталгынан, кыһамньыгынан тиэрдэр, иитиллибит иэскин төлүүр курдуккун. Көлүөнэлэр ситимнэрэ диэн ити буоллаҕа.
Онон, хас биирдиибит сирдээҕи аанньалбытыгар, Ийэбитигэр махталлаах буолуоҕуҥ, үөрдэ-көтүтэ эрэ сылдьыаҕыҥ, сылаас, истиҥ тыллары этэртэн кыбыстымыаҕыҥ, кини олоҕун киэргэтэргэ, чэгиэн, дьоллоох буоларыгар кыһамньыбытын ууруоҕуҥ!
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: СИА.