100 сыл оҕолоро

Бөлөххө киир:

Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Инстаграм сирэйигэр Саха АССР сылын бастакы ыйыгар өрөспүбүлүкэҕэ 865 оҕо төрөөбүтүн туһунан суруйбут.
«Үбүлүөйдээх сылбыт бастакы ыйа этэҥҥэ түмүктэннэ, бу ый устата биһиэхэ, Саха сиригэр 865 о5о күн сирин көрдө. 100 сыл оҕолоро! 456 уол уонна 409 кыыс о5о дойдубут саҥа олохтоохторо буоллулар. Бу оҕолор 100 cыл эрэ оҕолоро буолбакка, Сахабыт сиригэр Ийэ сылыгар төрөөбүт бастакы оҕолор» диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбит уонна оҕолорго, төрөппүттэригэр чэгиэн доруобуйаны, дьолу, бары үтүөнү баҕарбыт.

Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0