100 саастарын туоллулар

Бөлөххө киир:

От ыйын 1 күнүгэр Хатас нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, үөрэҕирии ситимин Бочуоттаах бэтэрээнэ, норуот үөрэҕириитин туйгуна Екатерина Николаевна Дегтярева үбүлүөйдээх 100 сааһын бэлиэтээтэ.

Екатерина Николаевна 1920 сыл от ыйын 1 күнүгэр Хатаска төрөөбүтэ. 1940 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай училищены бүтэрбитэ. 1978 сылга диэри алын сүһүөх кылаастар учууталларынан араас улуустарга үлэлээбитэ. Кини аата СӨ педагогическай энциклопедиятыгар киирбитэ.

Кэргэнэ Николай Ивановичтыын 6 оҕону улаатыннарбыттара. Билигин кыыһын кытта Хатаска олорор. Дьокуускай куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Максим Трофимов Екатерина Николаевнаҕа “Үйэ Саас” бэлиэни, бэлэҕи, сибэкки дьөрбөтүн туттарда.

Ону тэҥэ, от ыйын 1 күнүгэр Дьабыыл нэһилиэгэр дьоллоох түгэн тосхойдо: нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа Ульяна Егоровна Пермякова, 11 оҕо ийэтэ, элбэх сиэн, хос сиэн, хос хос сиэн эбэтэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕын огдообото, Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылааҕа, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ, «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иhин» мэтээл, «Ийэҕэ Албан аат» уордьан хаhаайката, Дьабыыл нэhилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо биир үйэни уҥуордаан, Саха сирин «Үйэ саас» бэлиэтин тутта.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристбэтин пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0