100 саастаах сэрии бэтэрээнэ Любовь Калабина

Бөлөххө киир:

Саха АССР 100 сылын көрсө 100 сааһын туолбут Любовь Николаевна Калабина Томпо оройуонун Хаандыга бөһүөлэгэр олорор. Кини – оройуоҥҥа соҕотох Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа. Киниэхэ “Үйэ саас” уһун үйэлэнии Бочуоттаах бэлиэтин туттарбыттара.

1942 сыллаахха  20 саастаах эдэркээн Любовь Николаевна Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Салгыҥҥа көмүскэнэр сэриилэргэ (ПВО) зенитнэй дивизион зенитнэй-артиллерийскай отделениетыгар  сулууспалаабыта. Ленинград улахан суолталаах эбийиэктэрин, холобур, Волховскай тимир суолу ньиэмэс авиациятыттан бэриниилээхтик көмүскээбитэ. Зенитчица, ефрейтор Любовь Калабина өстөөх 19 сөмөлүөтүн суулларбыта. 1945 сыл от ыйыгар мобилизацияламмыта.

1960 сылтан Хаандыганы иккис дойду оҥостон олорор. “Хоту сиртэн ханна да барымаҥ, оччоҕо уһун үйэлэниэххит. Хайалаах дойду салгынныын эмтээх!” – диэн кини сүбэлиир. Бэрт сэргэх, кэпсээннээх-ипсээннээх киһи. Кинини кыыһа уонна социальнай үлэһиттэр көрөллөр-истэллэр. Любовь Калабина – Томпо оройуонун, Хаандыга бөһүөлэгин Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ сибээһин үтүөлээх үлэһитэ.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0