100 сааһын туолар сэрии бэтэрээнэ

Бөлөххө киир:

Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар, Улуу Кыайыы 77 сылыгар Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кыттыылааҕа Прокопий Афанасьевич Степанов 2022 сыл от ыйын 1 күнүгэр лоп курдук 100 сааһын туолар. Кини үйэ усталаах олоҕо устуоруйа кэрэһитин кэриэтэ, аймалҕаннаах ХХ үйэ анаабыт тургутууларын, түһүүтүн-тахсыытын барытын чиэстээхтик уйан, саха киһитин тулуурун, булгуруйбат эр санаатын туоһулуурга дылы…

Борокуоппай Сунтаар улууһун 1-кы Бордоҥ нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Бу ыалтан үс уол буолан Ийэ дойду көмүскэлигэр туруммуттара. Убайа Баһылай 1942 сыллаахха ыҥырыллыбыта. Оттон Миитэрэй ыараханнык бааһыран баран, госпитальга өр эмтэнэн, икки хараҕыттан маппыта. Урутаан эттэххэ, сэрии толоонуттан үһүөн тыыннаах эргиллэн кэлэн, норуот хаһаайыстыбатыгар өр сылларга бэриниилээхтик үлэлээбиттэрэ.

Боруонньа, оччотооҕу оҕолор курдук, кыра эрдэҕиттэн хара үлэҕэ эриллэн, бултаан-балыктаан улааппыта. Оскуолаҕа 1933 сыллаахха киирбитэ уонна бүтэрэн баран, тырахтарыыстар куурустарыгар үөрэммитэ. 1941 сыл ыам ыйыгар үөрэҕин бүтэрэн, Элгээйигэ “Молотов” холкуоска “Т-25” тыраахтарга үлэлээбитэ. Сааскы ыһыыны болдьоҕор үчүгэйдик ыытаннар, биригээдэлэрэ сибиэһэй этинэн бириэмийэлэммитэ. Ол үлүскэн үөрүүтэ, үлэттэн дьоллонуу кууһара, кини иннигэр дьоллоох уһун олох кэтэһэн турара, эдэр саас күлүмүрдүү күлэрэ, эрэлинэн толороро, барыта сырдык, ыраас курдуга…

Онон үөрэн-көтөн, өрө көтөҕүллэн, аатырбыт Угут Күөлгэ ыһыахтыы сырыттахтарына, сэрии буолбутун иһитиннэрбиттэрэ. 19 саастаах эдэркээн Боруонньа уолга биир бастакынан бэбиэскэни туттарбыттара. Аҕата барахсан уолун сэриигэ атаарарыгар тууйаска арыыны дьаптайан, лэппиэскэ буһаран, өйүөлээн ыыппыта. Ол өйүөтүн Иркутскайга тиийиэхтэригэр диэри кэмчилээн, табаарыстарынаан үллэстэн сиэбиттэрэ.

Бэс ыйын 26 күнүгэр Сунтаарга кииннээн, ыҥырыллыбыт дьону үөрэтэн, доруобуйаларын туругун көрөн-истэн баран, сорохторун Туруктаҕа диэри сатыы, сорохторун “Диктатор” борокуотунан Дьокуускайга диэри ыыппыттара. Ол кэнниттэн Иркутскайга диэри борокуотунан, салгыы тимир суолунан Новосибирскай аттынааҕы Сибиир дивизиятын байыаннай лааҕырыгар тиийэн, бэлэмнэниини ааспыттара.

Бу сыл ахсынньытыгар Волховскай фронт Сибиирдээҕи 386-с стрелковай полкатыгар тиийэн, сэриилэспитэ. 1942 сыл атырдьах ыйыгар атаҕар бастакы бааһырыытын ылан уонна контузияланан, 4 ыйы быһа госпитальга эмтэммитэ. Үтүөрэн баран, 8-с гвардейскай батальон састаабыгар киирэн, минер-сапер быһыытынан, фронт бастакы кирбиитигэр хорсуннук сэриилэспитэ. Хас түүн аайы босхоломмут сирдэртэн миинэлэри ыраастыыллара уонна өстөөх баар сиригэр саҥа миинэлэри иитэллэрэ. Манна сылдьан иккис бааһырыытын ылбыта.

1-кы Белорусскай фронт 283-с стрелковай полка 8-с гвардейскай батальонун састаабыгар киирсэн, Ленинград блокадатын алдьатыы иһин кырыктаах кыргыһыыга кыттан, бааһырыыны ылбыта. Ол туһунан “1941-1944 сс. Ленинград иһин охсуһуу кыттыылааҕа-Волховскай фронт бэтэрээнэ”, “Ленинграды фашистскай блокадаттан босхолооһун 70 сыла” бэлиэлэр туоһулууллар.

1943 сыл тохсунньу 18 күнүгэр “Искра” байыаннай эппэрээссийэ түмүгэр, сэбиэскэй сэриилэр Ленинград блокадатын тоҕо көппүттэрэ, Ладожскай күөл уонна фронт кирбиитин икки ардынан көрүдүөр үөскээбитэ. Ол эрээри, куораты толору босхолооһун буолуо өссө да ыраах этэ. 1944 сыл тохсунньу 27 күнүгэр эрэ Ленинград куорат блокадата бүтэһиктээхтик уһуллубута.

Кыайыы күнүн Прокопий Афанасьевич Берлиҥҥэ көрсүбүтэ. Ыам ыйын 1 күнүгэр 1-кы Белорусскай фронт уонна 2-с Украинскай фронт сэриилэрэ рейхстаг аттыгар көрсөн, сиэмэх фашистар уйаларын урусхаллаабыттара. Бу кэнниттэн 3-с танковай (2-с Украинскай фронт) уонна 8-с гвардейскай батальоннары Чехословакияҕа, Австрияҕа ньиэмэс бүтэһик чаастарын үлтүрүтүүгэ ыыппыттара.

1945-1947 сылларга кини 143-с гвардейскай штурмовой авиаполк састаабыгар киирсэн, тиэхиньик-механик быһыытынан сылдьан, салгыы сэриилэспитэ.

Кыайыы көтөллөөх буойун

Дойдутугар 1947 сыллаахха эрэ эргиллэн кэлбитэ. Сержант Прокопий Степанов Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаланыаҕыттан, уһуннук, хорсуннук сэриилэһэн, Европаны бүтүннүү ааһан, Чехословакияны, Польшаны, Германияны, Австрияны фашизмтан босхолоон, бойобуой суолун Венаҕа тиийэн түмүктээбитэ.

Сэриигэ эдэркээн уол ыһыахтыы сылдьан ыҥырыллыбыт буоллаҕына, 1947 сыллаахха ууну-уоту ааспыт, баараҕадыйбыт уолан киһи эргиллэн, эмиэ ыһыах саҕана дойдутун булбута. Кэлэн иһэн, Үөһээ Бүлүүгэ ыһыахха сылдьан, оһуохайга үҥкүү тылын этэн, өрөгөйдөөх үөрүүтүн үллэстибитэ.

Сержант Прокопий Степанов үгүс бойобуой наҕараадалардаах. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ сылдьыбыт буойуҥҥа саамай үрдүк наҕараада – “Хорсунун иһин” мэтээл буолар. Бу мэтээли чахчы хорсун быһыыны оҥорбут, атын буойуннартан чорбойон сэриилэспит киһиэхэ биэрэллэрэ. Прокопий Афанасьевич сыаналаах “тылы” — обер-лейтенант званиелаах офицеры билиэн ылбытын иһин “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Ону тэҥэ, “Праганы босхолооһун иһин”, “Берлини ылыы иһин”, “Германияны кыайыы иһин” мэтээллэрдээх. 1985 сыллаахха Кыайыы 40 сылынан ССРС Үрдүкү Сэбиэтин ыйааҕынан, хорсун буойун Прокопий Афанасьевич Степанов Аҕа дойду Улуу сэриитин 1-кы истиэпэннээх уордьанынан, Жуков мэтээлинэн, “Белоруссияны босхолооһун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Бэриниилээх үлэһит

Дойдутугар кэлэн баран, Зима куоракка баран, лесник идэтигэр алта ыйдаах кууруска үөрэммитэ. Онтон 1948 сыл сэтинньититтэн Бүлүүтээҕи ойуур хаһаайыстыбатыгар сири-уоту кэрийэн көрөр “лесообъездчик” идэтинэн үлэлии киирбитэ.

1950 сылтан дьонугар, дойдутугар тардыстан, Сунтаардааҕы ойуур хаһаайыстыбатыгар көһөн, 1985 сылга диэри “лесообъездчик” идэтинэн, онтон леснигинэн биэнсийэҕэ тахсыар диэри үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.

Үлэтигэр бэриниилээх, бары ымпыгын-чымпыгын билэр буолан, Социалистическай күрэхтэһии удаарынньыга этэ. Ойуур хаһаайыстыбатыгар үлэтин ыстааһа – 37 сыл. 1950 сылтан оройуон хаһыатыгар уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн быһыытынан ойууру харыстааһын, баһаары утары охсуһуу, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны үүнэр көлүөнэҕэ иҥэрии боппуруостарын сырдатан, элбэх ыстатыйалары бэчээттэппитэ. Кини ойуур хаһаайыстыбатыгар үлэлии кэлэр ыччат дьоҥҥо үтүө сүбэһит, настаабынньык быһыытынан холобурга сылдьара. Норуодунай суукка норуодунай сэтээтэл быһыытынан хаста да талыллыбыта.

Бу үлэлээбит сылларыгар “Ойуур харыстабылыгар судаарыстыбаннай сулууспа Х, ХХ, ХХХ сыла” значоктарынан, 2019 сыллаахха СӨ экологияҕа, ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин “Саха Өрөспүүбүлүкэтин ойуур хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кылаатын иһин” түөскэ кэтиллэр бэлиэтинэн, 2014 сыллаахха “Саха сирин ойуур хаһаайыстыбатын 75 сыла” бэлиэнэн наҕараадаламмыта. 1979 сыллаахха САССР ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кэлиэгийэтин уонна “Лесбумдревпром» идэлээх сойуустарын быһаарыытынан, “Ойуур хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ” аат иҥэриллибитэ.

Дьоллоох олоҕу уһансыбыта

Прокопий Афанасьевич – Сунтаар улууһун уонна Сиэйэ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, тапталлаах кэргэн, элбэх оҕо, сиэн, хос сиэн эһэтэ. Биир киһи үйэтигэр элбэҕи ааһан, ыарахаттары эрдээхтик тулуйан, киһилии сиэрдээх быһыытын, сахалыы сэмэй майгытын сүтэрбэккэ, дьоллоох олоҕу үлэни таптыырынан, дьоҥҥо үтүө сыһыанынан, чугас дьонугар истиҥ тапталынан айбыта-туппута, түстээбитэ.

Кэргэнэ Фатина Семеновналыын үс оҕону төрөтөн, атахтарыгар туруорбуттара. Октябрина Прокопьевна Дьокуускайга социальнай педагогунан үлэлиир. Лидия Прокопьевна миэдик идэлээх, биэнсийэҕэ тахсан баран, оҕо саадыгар үлэлиир. Валентина Прокопьевна – бактериолог-быраас, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна.

Үйэ саастаах бэтэрээн билигин да нэһилиэгин уопсастыбаннай олоҕуттан туора турбат, Ытык кырдьаҕастар сүбэлэрин көхтөөх чилиэнэ, үүнэр көлүөнэ ыччакка ыллыктаах тылын, үгүс сүбэтин аныыр.  Биир дойдулаахтарын, төрөөбүт нэһилиэгин туһугар ис сүрэҕиттэн кыһаллар.

Үйэм тухары ойуур хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитим, күөх баайбытын —ойууру баһаартан, сокуоннайа суох кэрдииттэн көмүскээбитим. Дьиэм тэлгэһэтигэр бойобуой доҕотторум – араас омук ньургун уолаттарын кэриэстэригэр, хас биирдиилэригэр анаан мас олордубутум. Сороҕор тахсан, кинилэр тыыннаахтарын курдук санаан олорон, кэпсэтэбин. Оччоҕо санаам уоскуйар, дууһам чэпчиир. Мин өйбөр-санаабар кинилэр өрүү сүүрбэччэлээх эрэ уолаттар буолан хаалбыттар, — диэн Прокопий Афанасьевич ахтар.

Сиэйэ нэһилиэгин дьаһалтата, оскуола оҕолоро маһын хайытан, саһааннаан, мууһун ылан, тиэйэн, дьиэтин өрөмүөннээн, бэтэрээҥҥэ куруук көмөлөһөллөр. Биир дойдулаахтара аатырбыт буойуннаахтарынан киэн тутталлар.

 Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: iltymen.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0