Бэс ыйын 25-26 күннэригэр Дьокуускайга «Үс Хатыҥ» архитектура-этнография комплексыгар Туймаада ыһыаҕа ыытыллыаҕа.
edersaas.ru
Быйыл Үс Хатыҥҥа Ыһыах ыһыллар буолбута 25 сыла туолар. Ону тэҥэ, САССР 100 сылынан Ыһыах кэмигэр араас кэрэхсэбиллээх тэрээһиннэр буолаллара күүтүллэр. Олортон биирдэстэрэ — 100 эр киһи чороонноох хаамыыта.
Бэс ыйын 25 күнүгэр 11 чаастан Ыһыах Киин түһүлгэтигэр өрөспүүбүлүкэ 100 бастыҥ эр дьоно чорооннорун күөгэччи туппутунан тахсаллара уонна хаамсаллара киһи эрэ киэн тутта көрөр көстүүтүнэн буолара саарбаҕа суох.
Бу тэрээһин эр киһи оруолун үрдэтэр соруктаах ыытыллар. Өрөспүүбүлүкэ 36 муниципальнай оройуонуттан уонна киин куораттан иккилии эр бэрдэ кыттыаҕа. Ол эбэтэр хас биирдии улуус икки бастыҥтан бастыҥ эр киһитин, ыал эһэтин, аҕатын тэрийэн ыытыаҕа.
Тэрээһин ирдэбилинэн хаамар дьон бары сахалыы таҥастаах уонна 40 сантиметртан намыһаҕа суох чороонноох буолуохтаахтар.
Надежда ЕГОРОВА, edersaas.ru