Түөрт нэһилиэк 100% куоластаата!

Бөлөххө киир:

СӨ быыбарын киин хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Алексей Ефимов 20:15 чаастаах пресс-конференция кэмигэр бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ түөрт нэһилиэк 100 % куоластаата.

Ол курдук, Амма улууһун Эмис, Мээндиги нэһилиэктэрин, Ньурба Үөдэйин уонна Чурапчы Одьулуун нэһилиэгин Үрэх Күөрэ учаастагын олохтоохторо биир киһи курдук тутуспутунан быыбардаатылар. Холобур, Эмис нэһилиэгэ 252 быыбардааччылаах буоллаҕына, бары күргүөмүнэн тахсыбыттар. Оттон Мээндиги олохтоохторо букатын да 101,07 % куоластаатылар.

Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгин баһылыга Людмила Ефремова иһитиннэрбитинэн, Одьулуун нэһилиэгэ икки нэһилиэнньэлээх пууннаах, итилэртэн биирдэстэрэ Үрэх Күөрэ учаастага 100 % куоластаата.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0