10 сыл болдьохтоох кыраныысса таһыгар тахсар пааспары биэриини быстах кэмҥэ тохтоттулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

10 сыл болдьохтоох кыраныысса таһыгар тахсар пааспары биэриини тиэхиньиичэскэй үлэлэринэн сибээстээн быстах кэмҥэ тохтоттулар. Бу туһунан РФ Атын дойдулардааҕы дьыалалар министиэристибэлэрин бэрэстэбиитэлэ Мария Захарова «Россия-1» ханаалга эпиир кэмигэр иһитиннэрдэ.

Кини этэринэн, уон сылга бэриллэр пааспар форматын уларытар сыаллаах тиэхиньиичэскэй үлэлэр ыытыллар буоланнар үлэ быстах кэмҥэ тохтообут. Систиэмэни саҥардаллар эбит. Захарова биэс сыллаах пааспары биэрии биир да күн тохтооботоҕун эбэн эттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0