10 ойуур баһаарын умулларыыга үлэ ыытыллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Экология уонна ойуур  хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, бэс ыйын 1 күнүнээҕи  туругунан, Саха сиригэр 367,5 га иэннээх сири ылбыт 10 ойуур баһаарын умуруорууга  үлэ ыытыллар.

edersaas.ru

Баһаар турбут сирдэрэ алта улууска бэлиэтэммиттэр: Мииринэйгэ – 1, Ньурбаҕа – 3, Сунтаарга – 2, Намҥа – 2, Өлүөхүмэҕэ – 1, Уус Алдаҥҥа – 2.  Нам улууһугар күөдьүйбүт баһаардар тарҕаныылара тохтотуллубут.

Уоту утары охсуһууга 317 киһи үлэлиир итиэннэ 42 анал тиэхиньикэ туһаныллар.

Биир суукка иһигэр 17 га иэннээх 6 ойуур баһаара көстүбүт, умуруоруу үлэтэ бара турар. Ааспыт хонук иһигэр 150,5 га иэннээх 4 ойуур баһаара умуруоруллубут.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0