10 оҕолоох ыаллар дьиэ ыллылар

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ 10-тан тахса оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ социальнай көмөнү оҥоруу быраабылаларыгар уларыйыылары киллэрдилэр.

Премьер Андрей Тарасенко сорудаҕынан, үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ уларыйыылары бэлэмнээтэ. 10-тан тахса оҕолоох ыалларга дьиэ тутталларыгар үп көрүллэр. Билигин бу үбүнэн дьиэни туттар эрэ буолбакка, бэлэми атыылаһар эмиэ көҥүллэнэр буолла.

Ону тэҥэ, оҕо сааһыгар хааччахтар көтүрүлүннүлэр. Урут 10 оҕо бары 18 саастарын туола илик буолуохтаахтар диэн этэ, билигин бу ирдэбили 23 сааска диэри улаатыннардылар. Онон 23 саастарын туола илик улахан оҕолоро кыра эрдэҕиттэн инбэлиит, эбэтэр күнүскү үөрэххэ үөрэнэр, аармыйаҕа сулууспалыыр буоллаҕына, элбэх оҕолоох ыаллар маннык көмөнөн туһанар кыахтаахтар.

Быйыл 10-тан элбэх оҕолоох 4 ыал олорор усулуобуйаларын тупсарарга көмөнү ылан олороллор. Үөһээ Бүлүүттэн Димитровтар, Дьокуускайтан Семеновтар кыбартыыра атыыласпыттар. Сунтаартан Ивановтар чааһынай дьиэ атыыласпыттар, Намтан Кутуковтар бэдэрээтинэн дьиэ туттар былааннаахтар.

Саха сиригэр барыта 10-тан элбэх оҕолоох 16 ыал баар. Сыл аайы 1-2 ыал маннык көмөнү ылар этэ. Саҥа уларыйыыларынан сибээстээн, көмөнү ылар кыахтаах ыал ахсаана эбиллэрэ күүтүллэр.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0