Горнай үөрэнээччилэрэ күн күүһүнэн төлөпүөн иитэри, робот көмөтүнэн үлэлиир үстүрүмүөннэри айбыттар
Технология үөдүйэн, аныгы оҕолор олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсаллар, саҥаттан-саҥаны айаллар-туталлар. Горнай улууһун С.П.Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын Робототехникаҕа үөрэнээччилэрэ ити этиибин дьэҥкэтик туоһулууллар.
Ол курдук, 10 кылаас үөрэнээччитэ Константин Скрыбыкин спорду сэҥээрэр, аныгы технологияҕа сыстаҕас. Улахан күрэхтэһиилэргэ төлөпүөн сэрээтэ бүтэн, үгүс харгыстары үөскэтэр, биир ииттэрэргэ уонча киһи уочараттыыр диэн этэр. 2021 сылга Горнай улууһугар ыытыллар “Манчаары оонньууларыгар” кыһалҕа хатыламматын туһугар, күн күүһүнэн үлэлиир төлөпүөн иитэри толкуйдаан таһаарбыт. Бу тэрил үчүгэйэ диэн, бастатан туран, күн уотунан иитиллэр буолан ханнык даҕаны элэктэриичэстибэҕэ наадыйбат. Иккиһинэн, хас даҕаны төлөпүөнү тэҥинэн иитиэн сөп. Үсүһүнэн, бэйэтэ батарейкалаах буолан, күн суох да кэмигэр ол күүһүнэн иитэр кыахтаах. “Android төлөпүөнтэн саҕалаан, планшекка тиийэ барытын сэрээттиэххэ сөп. Көрөргүт курдук, сахалыы оһуордаах. Түүнүн сырдатарын курдук уоттаах-күөстээх да гына толкуйдуохха, төлөпүөнү сэрээттии ууран баран хатаан да кэбиһэр гына тупсарыахха сөп. 2021 сылга диэри маннык сэрээттиир тэриллэри оҥорон туруорбут киһи диэн баҕалаахпын”, — диэн Константин санаатын үллэстэр. Кини бу бырайыагынан Горнай улууһун баһылыгын гранын сүүйбүт.
Оттон тустаах оскуола эмиэ 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ Сахаайа Попова, Альберт Петров “Ай дуораан” диэн этно-робоансаамбылы айбыттар. Бу түөрт сахалыы үстүрүмүөнтэн турар тэрил уратыта диэн, роботтарынан бырагыраамаламмыт буолан, тоҕоостоох кэмҥэ бэйэтэ үлэлиир. Көннөрү муусукаттан туох даҕаны уратыта суох тыаһы-ууһу таһаарар. Оҕолор бу муусукалыыр тэриллэринэн былырыын “Инновации Севера” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска лауреат үрдүк аатын сүгэн, путевканан наҕараадаламмыттар. Ону тэҥэ СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев 80 сааһыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-техническэй быыстапкаҕа бастаабыттар. “Этно-робоансаамбыл 3 улахан уонна биир кыра мотуордартан турар. Итилэр бары түөрт национальнай үстүрүмүөнү салайаллар”, — диэн ааптар Сахаайа кэпсиир уонна хайдах үлэлииллэрин тыаһатан көрдөрөр. Дьоҕурдаах, дьаныардаах кыыс итинэн эрэ муҥурдаммат. 3 D принтер көмөтүнэн аныгылыы истииллээх араас сахалыы киэргэллэри оҥорор. “Киэргэллэри оҥорорбор маҥнай бырайыагын толкуйдуубун, көмпүүтэргэ киллэрэбин, моделын торумнуубут, онтон принтерынан бэчээттээн таһаарабыт. Бу киэргэллэринэн саха култуурата аныгы сайдыылаах олох тэтимиттэн хаалсыбатын көрдөрүөхпүн баҕарабын”, — диэн этэр.
Информатика учуутала, оҕолор салайааччылара Иван Ефремов уруогун таһынан 3 D лаборатория куруһуогар оҕолору дьарыктыыр: “Иитиллээччилэрбит бырайыактарга, куонкурустарга өрүү кытталлар. Лабораториябытыгар икки 3 D принтердаахпыт. Онно бырайыак үлэлэрин оҥотторобут. Гравировальнай, фрезернай станокпут суох буолан, оҕолорбут моделын, бырагырааматын оҥорон баран улуустааҕы Эбии үөрэхтээһин киинигэр баран бэчээттээн таһаараллар”, — диэн кэпсиир.
Аныгы оҕолор технология, тиэхиньикэ өттүгэр билиилэрэ-көрүүлэрэ киэҥ, сорох улахан киһитээҕэр кытта таһыччы буолаллар. Талааннаах оҕо ханна баҕарар баар, ону кэмигэр булан сайыннарар уустук дииллэрэ чахчы. С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын кэлэктиибэ бэйэтин күүһүнэн Робототехника оскуолатын арыйан, үөрэнээччилэрэ ити курдук сүҥкэн ситиһиилэрдээхтэр. Арай, кэмигэр өйөөн, салгыы сайыннаран, үп-харчы көрөн услуобуйа эрэ олохтуур ирдэнэр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
[vc_video link=»https://www.youtube.com/watch?v=lEAwP06KQEI»]