Күннээх Өлүөхүмэттэн төрүттээх, билигин Дьокуускайга олорор, икки оҕолоох,
9 сиэннээх, 20 хос сиэннээх, 10 хос-хос сиэннээх эбээ, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Татьяна Семеновна Сафонова 1921 сыллаахха тохсунньу 1 күнүгэр Дабаан сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Ол аата бүгүн Ытык-мааны киһибит 100 сааһын туолла. Саха сирин Ытык кырдьаҕаһыгар өрөспүүбүлүкэ салалтата «Үйэ саас» бочуоттаах бэлиэни туттарда.
“Кини күн бүгүн да дьиэ бүппэт түбүгүн тэбис-тэҥҥэ үллэстэр. Электрическэй сылабаар оргутан, чэй бэлэмниир, миин буһарар, хортуоппуй ыраастыыр. Чөл өйүн тута сылдьар. Суотабайынан дьонун кытта кэпсэтэ олорор. Хос-хос сиэннэрин көрсөр. Эбээбит оннук үлэһит киһи!” — дэһэллэр сиэннэрэ.
Тырахтарыыс кыыс
Таанньа кыыс, бэйэтин кэмин оҕолорун курдук, кыра сааһыттан холкуос үлэтигэр эриллэн улааппыта. Оттон Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар эр дьон фроҥҥа бараннар, кинилэри солбуйан, күүстээх үлэни кыайар эдэр кыргыттар тыраахтарга олорбуттара. 1941 сыл атырдьах ыйыгар Татьяна Сафонова Саха сирин бастакы тырахтарыыс кыргыттарын кэккэлэрин хаҥаппыта. “Барыта – фроҥҥа!”, “Барыта – Кыайыы туһугар!” лозунунан тырахтарыыс кыргыттар бурдуктаах бааһыналарга күннэри-түүннэри үлэлээбиттэрэ. Хорсун кыыһы тыраахтар биригээдэтин биригэдьииринэн анаабыттара. Кэлин үөрэнэн, мэхээнньиктээбитэ. Сэрии бүтэн, тыыннаах ордубут дьоллоох, кыайыы көтөллөөх саллааттар дойдуларыгар сыыйа эргиллитэлээн кэлбиттэрэ. 1946 сыллаахха Татьяна аналын көрсөн, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Иннокентий Афанасьевич Хохоловка кэргэн тахсыбыта.
Эдэр ыаллар Дабааҥҥа олохсуйбуттара. Икки кыыс оҕоломмуттара. Манна Татьяна Семеновна Молотов аатынан холкуоска учуотчугунан, дьааһыла сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Онтон биир дойдулаахтара таланнар, 8 сыл устата Дабаан олохтоох сэбиэтигэр бэрэссэдээтэллээбитэ. Кини салайар кэмигэр бары көрдөрүүлэринэн Дабаан Өлүөхүмэ оройуонугар инники кирбиигэ тахсан, Кыһыл Знамянан бэлиэтэммитэ.
Үлэһит киһи ылсыбытын ыһыктыбат. Татьяна Семеновна бэртээхэй иистэнньэҥ эбит. Кыргыттарыгар мааны былаачыйаттан саҕалаан, кэргэнэ булка кэтэр сылаас таҥаһыгар, бэргэһэҕэ, тыс этэрбэскэ тиийэ тигэрэ. Оттон туос ыаҕайалара көрүөхтэн сиэдэрэй буолаллара. Оҕолорунуун иистэнэ олорон хас да куоласка арахсан ырыа ыллыыллара. Аны, кулуупка кэргэнин Иннокентийы кытта кадриль үҥкүүлүүллэрин көрбүт эрэ киһи умнубата үһү. Оннук, бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах киһи Татьяна Семеновна – Эбээ Татыйаана.
Уһуннук, дьоллоохтук олоруу
Бу үгүс киһи ыра санаата. Генетиктэр, учуонайдар уһун үйэлэниини чинчийэ, үөрэтэ сатыыллар, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ, киһиттэн киһиэхэ удьуорунан бэриллиини интэриэһиргииллэр. Таабырын сүүс бырыһыан таайылынна диир кыах суох. Ол эрээри, 100 саастарын туолбут дьон уопутуттан көрдөххө, уһун үйэлэнии үксүгэр киһиттэн бэйэтиттэн эмиэ тутулуктаах. Сүүс саастарыгар тиийбит дьон үгүстэрэ ыарахан үлэҕэ мискиллибит, айылҕалыын алтыспыт, олоххо көхтөөх позициялаах, духуобунай баай, итэҕэллээх, үгүстүк эдэр көлүөнэлиин – оҕолорунуун, сиэннэриниин бодоруспут буолаллар уонна кинилэр олоххо үчүгэйи ордук өйдөөн көрөллөр, үөрэ-көтө сылдьаллар эбит.
Уһун үйэлээх ийэ, эбээ туһунан оҕолоро, сиэннэрэ туох дииллэр?
Улахан кыыһа Жанна Васильева:
— Ийэм биһигини, киһи сатыырын киһи сатыахтаах диэнинэн салайтаран ииппитэ. Бэйэтэ хайа да үлэҕэ улахан эппиэтинэстээхтик, ирдэбиллээхтик сыһыаннаһар. Тырахтарыыстар биригээдэлэрин салайааччы, сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, партийнай тэрилтэ сэкирэтээрэ, бэйэтэ астарбыт дьааһылатыгар сэбиэдиссэй – хайдах итиччэ түбүгү барытын ыпсаран сылдьыбытын сөҕөбүн.
Аҕабыт Кочегаровоҕа сэбиэккэ бэрэссэдээтэллиир кэмигэр биһигини Уулаах үрүйэҕэ эбээбит аахха хааллараллара. Ийэбит оччолорго учуотчут – эмиэ хойут кэлэр. Ол да буоллар, киэһээ иккиэн лапса астыыллар. Аҕам хаҥас илиитинэн кырбыыра, кини сэрииттэн уҥа илиитигэр бааһырыылаах кэлбитин, ийэбит сэрии сылларыгар тырахтарыыстаабытын эмиэ арыый обургутуйан баран өйдөөбүппүт. Мин ийэбин наар холобур оҥостон, кини курдук буолуохпун баҕарарым. Киһи барытын сатыахтаах диэн өйдөбүлү киниттэн иҥэринэн, олохпор туһанан, баччааҥҥа диэри кэллим. Кини 39 сиэнин-хос сиэнин барыларын төрөөбүт күннэрин билэр, эҕэрдэлиир. Дьоҥҥо куруутун көмөлөһөрүн көрөн улааттыбыт. Ийээ, мин эйигин олус таптыыбын, эн бааргынан дьоллоохпун!
Кыра кыыһа Лидия Торговкина:
—Устудьуоннуу да сырыттахпытына, ыал буолан туспа буруо таһаарынан олорорбутугар да, ийэбит мэлдьи биһигини кытта. Кини өйөбүлэ хайа да ыарахаттары туоруурга көмөлөһөр. Мындыр, үлэһит, болҕомтолоох, күүстээх санаалаах, инникигэ эрэллээх, биһигини муҥура суох таптыыр – бу кини, ийэм.
Улахан сиэнэ Татьяна Аржакова:
— Мин эбээбэр 9 ыйбыттан иитиллибитим. Оҕо эрдэхпиттэн, эбээм наар нэһилиэгин дьонун-сэргэтин, чугас дьонун тустарыгар кыһалларын өйдүүбүн.
Эбээлээх эһээбэр муҥура суох махтанабын – кыһамньыларын, тапталларын, дьиэ кэргэҥҥэ бэйэлэрин тус холобурдарын иһин. Манна сүрүн сыаннастар – чугас дьоҥҥор таптал, кыһамньы, болҕомтолоох сыһыан, тулуурдаах буолуу, өйдөөһүн, өйөөһүн. Ыарахаттартан чаҕыйбат, үҥсэргии сылдьыбат, кытаанах санаалаах буолуу, чөл олоҕу тутуһуу, дьону, олоҕу таптааһын – бу барыта кинилэр үтүө холобурдара. Биһиги, аныгы дьон, баар кыһалҕалар быһаарыллар кыахтаахтарын үрдүнэн, ардыгар үҥсэргиир үгэстээхпит, оттон аҕа көлүөнэлэр сэрии сылларыгар өлүүнү-сүтүүнү, аччыктааһыны көрбүт буоланнар, олоххо хаһан даҕаны үҥсэргээбэт, аһыннара сатаабат этилэрэ, кыраттан да үөрэллэрэ, олоҕу сыаналыыллара. Биһиги эбээбит оннук киһи!
Сиэнэ Лена Кириллина:
— Киэһээ аайы эбээбит биһиэхэ биһик ырыатын, «Сардаананы» олус кэрэ куолаһынан ыллыыра. Оттон эбээ бурдуктан астаабыт астара, балык бөрүөктэрэ хайдах курдук минньигэстэрий! Эбээбит, сэрии бэтэрээнин огдообото, Дьокуускайга көһөн кэлиэҕиттэн, сүүсчэкэлээх киһи, хас сайын аайы Чурапчыга кыыһыгар тиийэр уонна дойдутугар Өлүөхүмэҕэ сылдьар. Биһиги эбээбитигэр олус махтанабыт, «генералиссимус» диэн ааттыыбыт, кини биһиэхэ сүрүн киһибит!
Сиэнэ Георгий Васильев:
— Эбээбит Татьяна Семеновна мындыр өйдөөх, күүстээх санаалаах киһи. Бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан сайын аайы эhээлээх эбээбитигэр Дабааҥҥа сайылыы тиийэрбит. Эбээбит элбэх оҕуруот аһын олордоро. Сарсыардатын куурусса сымыытын хомуйарбыт, ыаммытынан ынах үүтүн иһэрбит. Эбээ нуучча оһоҕор буһарбыт килиэбэ минньигэһэ! Оттуу барарга туспа тэринии буолара… Тэлиэгэҕэ от тэлгэнэн, сытан эрэ эбээлээх эһээбит ырыаларын, частушкаларын истэ-истэ, бэрт түргэнник айаннаан тиийэн, оттуурбут. Балтыбынаан Надялыын, эһээ “перекур” диэтин кытта, өрүскэ сөтүөлүү ыстанарбыт.
Ити курдук дьоммутугар маанылатан, сөтүөлээн, загаардаан, малина, эриэхэ сиэн, күүс-уох мунньунан, улаатан, Чурапчыбытыгар кэлэрбит… Биһиги эбээбит 100 сааһыгар диэри сөбүлүүр лото оонньуутун хос сиэннэригэр үөрэтэр. Аны, тырахтарыыстаабыт буолан, тиэхиньикэ хайдах үлэлиирин билэрэ сөхтөрөр. Эбээбит Дьокуускайга кэлэн, барыбытын түмэр. Күндү киһибит, аттыбытыгар бааргыттан үөрэбит! Доруобай буол!
Сиэнэ Надежда Федорова:
— Мин детсадка барыахпар диэри эһээ, эбээ оҕото буолан, Дабаанҥа улааппытым. Сайынын окко үлэлэһэрим. Туохтааҕар да от кэбиһэллэригэр тэпсээччинэн сылдьарбын ордорорум. Ол сылдьан былаатым, эбэтэр сандаалыйам аҥаара окко сүтэн хаалан баран, кыһын көстөн эһээлээх эбээҕэ миигин санатар эбит…
Эбээм элбэх доҕордоох-атастаах, олор оҕолорун барыларын ааттарынан, тугунан дьарыктаналларын кытары билэр, төлөпүөннэрин нүөмэрдэрин өйүгэр тутар, тэтэрээти көрбөккө эрийэр. Нууччалыы, сахалыы ыллыырын сөбүлүүр, хаартынан сэрэбиэйдиир, лотуолуур, билигин да барыбытын кыайар. Эбээбин Ытык сааһынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Хос сиэнэ Аян Кириллин:
— Мин хос эбээм Татьяна Семеновна куруутун үөрэ-көтө сылдьара барыбыт санаатын өрө көтөҕөр. Үлэм сүнньүнэн ОДьКХ уонна энэргиэтикэ министиэристибэтиттэн Дабаан дьаһалтатын бэрэстэбиитэллэрин кытта алтыһар кэммэр хос эбээм туһунан наар үчүгэй эрэ тыллары истэбин уонна кининэн киэн туттабын.
Үтүө үлэһит буоларга хос эбээбит биһиэхэ чаҕылхай холобур!
Кийиитэ Марианна Кириллина:
— Кини олус сырдык, үтүө киһи. Оҕобор дэкириэккэ олорон, мэлдьи төлөпүөннэһэн, аан дойдуну барытын анаарар этибит, ону истиҥник саныыбын. Хос эбээбит Татыйаана – киэн туттуубут уонна биһиги дьиэ кэргэн устуоруйабыт!
* * *
Мин Татьяна Семеновналыын төлөпүөннэһэ сырыттым. Үүммүт саргылаах Саҥа дьылынан дьоҥҥор-сэргэҕэр тугу баҕараҕын, диэбиппэр:
— Үчүгэйи, үтүөнү, иллээх-эйэлээх олоҕу баҕарабын. Бука бары доруобай буолуҥ! — диэтэ Ытык киһи.
Татьяна Семеновна көлүөнэтэ өстөөҕү кыайбыта, сэрии сылларыгар хорсуннук үлэлээн, Кыайыыны уһансыбыта. Кинилэр хаһан да үҥсэргээбэт этилэр, олоҕу сыаналыыллара, кыраттан да үөрэри, бу Сиргэ дьоллоох буолары сатыыллара. Оттон аныгы дьон?.. Мин санаабар, Татыйаана курдук эбээлээх дьоҥҥо, арааһа, барыта хайаан даҕаны табыллыаҕа!
Сүрүн хаартыскаҕа: Сэрии бэтэрээнэ эһээлэрэ Иннокентий Афанасьевич Хохолов — бииргэ төрөөбүттэриниин биэс уол — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара…
Татьяна МАРКОВА.