10 000 саха киһитэ бырамыысыланнаска үлэлиэҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ил Дархан салалтатынан олохтоох нэһилиэнньэни бырамыысыланнаска үлэлэтии бырайыага 2020 сылга диэри бигэргэммитэ. Эһиилгиттэн норуот хаһаайыстыбатын сүрүн хайысхаларыгар тас дойдуттан кэлбит дьону үлэлэтэри бобору былаанныыллар. Санаттахха, быйыл кулун тутарга Ил Дархан ыйааҕынан  үөрэҕирии, доруобуйа харыстабылын, тырааныспар, атыы-эргиэн, балыктааһын, оҕуруот аһылыгын олордуу, хамсаабат баай-дуол атыытын салаатыгар омуктар үлэлииллэрэ бобуллубута. edersaas.ru


«Өрөспүүбүлкэҕэ 2020 сылга диэри ылыллыбыт бырайыагынан, 10 тыһ. кэриҥэ Саха сирин олохтооҕун бырамыысыланнас эйгэтигэр үлэнэн хааччыйыахтара. Олортон 1 тыһ. кэриҥэ тыа сирин олохтооҕо, 5 тыһ. кэриҥэ 30 диэри саастаах ыччат буолуохтаах. Билигин биһиги 2018 сылга доруобуйа харыстабылыгар, тыа хаһаайыстыбатыгар, тырааныспар, тутуу уонна сиртэн хостонор баай эйгэтигэр миграннары үлэлэтэри бобор ыйаах бырайыагын бэлэмнээтибит», — диэн Дьарыктаах буолуу кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Харлампьев этэр. 

Кини этэринэн, алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр тас дойдуттан 16, 5 тыһ.киһи үлэлиирэ. Сүрүннээн,  Таджикистан, Кыргызстан, Узбекистан уонна Армения дьоно этэ. Олортон 8,8 тыһ. көҥүллүүр докумуона суох үлэлээбиттэр. Итини тэҥэ, өрөспүүбүлүкэ дьарыктаах буолуутун киинигэр тохсунньуттан  сэтинньигэ диэри 35 тыһ. кини үлэ көрдөөбүт, олортон 59% үлэнэн хааччыллыбыт.

Миграннарга ааны саптылар

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0