Дьокуускай куорат 1 №-дээх поликлиниката сэтинньи 26 күнүгэр диспансеризацияҕа «аһаҕас аан» күннэригэр ыҥырар. Онно поликлиникаҕа сыһыарыллыбыттар уонна тэрилтэлэр үлэһиттэрэ хабыллаллар.
Сылларын чуолкайдаатахха:
1995, 1992, 1989, 1986, 1983, 1980, 1977, 1974, 1971, 1968, 1965, 1962, 1959, 1956, 1953, 1950, 1947, 1944, 1941, 1938, 1935, 1932, 1929.
Диспансеризация кэмигэр ыйааһыҥҥытын кээмэйдэтиэххит, сыстыганнаах ыарыылары буларга анкеталарга эппиэттиэххит, хаан баттааһын, харах давлениетын кэмнэтиэххит. Терапевт-быраас көрүөҕэ.
Ону тэҥэ хаан, иик, хаан биохимическай анаалыстарын туттарыахха, электрокардиографияҕа (ЭКГ), флюорографияҕа, маммографияҕа уһуллуохха сөп.
Поликлиника үлэһиттэрэ биир күн кэлэн доруобуйаҕытын бэрэбиэркэлэтэргитигэр ыҥыраллар.
Надежда ЕГОРОВА.