1 №-дээх холуонньаҕа Арчы дьиэтэ тутуллуоҕа

Ааптар: 
15.05.2017
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат Очиченко уулуссатыгар турар 1 №-дээх кытаанах режимнээх холуонньатыгар РФ Накаастабылы толорор федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын Уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Друзьяновы кытта ааспыт нэдиэлэ бүтүүтүгэр киирэ сырыттыбыт.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


 Биһигини хаайыылаахтары иитэр үлэҕэ отдел начальнига, ис сулууспа майора Сергей Наумов уонна кылаабынай инженер, ис сулууспа майора Владимир Варнавскай арыаллаатылар.

 Ыспыраапка быһыытынан кылгастык билиһиннэрдэххэ, бу холуонньаҕа бүгүҥҥү күҥҥэ 600-тэн тахса хаайыылаах буруйун боруостуур. Ааспыт сылтан саҕалаан, 240 киһи ПТУ-ҕа үөрэнэн, араас специальноһы ылбыт, ол – слесарь, электрослесарь, сантехник-слесарь, массыынаны өрөмүөннүүр слесарь, столяр, иистэнньэҥ уо.д.а. Билигин 145 киһи үөрэнэ сылдьар. 48 киһи производственнай зонаҕа, 42 киһи хаһаайыстыбаҕа үлэлиир.

Бастакынан маһынан уһанар учаастакка сырыттыбыт. Манна алта хаайыылаах үлэлиир. Миэбэл өрөмүөннүүллэр, сакааһынан остуоллары, олоппостору оҥороллор.

Онтон иистэнэр сыахха тоҕус киһи үлэлиир эбит. Холуонньа “Сахабулт” концерны кытта дуогабар түһэрсэн, атах таҥаһын, матараастары, палаастары тигэллэр.

Бу холуонньаҕа өссө 70 сибиинньэни, 300-кэ кууруссаны иитэллэр. Сууккаҕа икки-үс ячейка сымыыты ылаллар. Манна, биллэн турар, эмиэ хаайыылаахтар бэйэлэрэ үлэлииллэр.

Биһиги болҕомтобутун ордук чуолаан, 2014 сыллаахтан аһыллан үлэлиир сувенирдары оҥорор куруһуок тарта. Манна үс киһи уһана олороругар түбэстибит.

Остуолга номнуо оҥоһуллан бүппүт шкатулка, таба, тайах, чубуку муоһуттан кыһыллыбыт харысхал бэлиэлэр ууруллубуттар, дэйбиирдэр, массыынаҕа ыйанар харысхаллар сыталлар. Маны таһынан, өссө наарда оонньууну, атын да сувенирдары оҥороллор эбит.

Харысхал бэлиэлэри оҥороллоругар, “Саха эйгэтэ: норуот айымньыта” уонна Мандар Уус кинигэлэрин туһаналларын бэлиэтии көрдүбүт. Холуонньаҕа культурнай, спортивнай тэрээһиннэр, ыһыах ыытылларынан, бу сувенирдары онно киирэр ыалдьыттарга анаан бэлэмнииллэр. Маны таһынан, Накаастабылы толорор управление тэрийэн ыытар атыы-быыстапкаларыгар эмиэ кытталлар.

Биһиги сүрүн сыалбыт бу холуонньаҕа Арчы дьиэтин тутуу хайдах баран иһэрин билсии буоларынан, манныгы этиэх кэриҥнээхпин. Аан бастакынан 2010 сыллаахха Үөһээ Бэстээхтээҕи 3 №-дээх уопсай режимнээх холуонньаҕа Айыы дьиэтэ, 2015 сыллаахха Табаҕатааҕы 7 №-дээх кытаанах режимнээх холуонньаҕа Айыы арчыта тутуллан, олоххо киирбиттэрэ.

Аны бу 1 №-дээх холуонньаҕа буруйдарын боруостаан олорор саха ыччата бэйэтин баҕа санаатынан, 3,2 мөл. солк суумалаах бырайыактаах, сахалыы тыыннаах Арчы дьиэтин тутуу былырыыҥҥыттан саҕаламмыта. Бу тутуу Уопсастыбаннай сэбиэт, “Айыы итэҕэлэ” тэрилтэ, өйүүр баҕалаах биирдиилээн дьон көмөтүнэн баран эрэр.

Былырыын тутуллар сиригэр буор кутан тэҥнээбиттэр уонна акылаатын маһын – тиит лафет мастарын – киллэрбиттэр. Билигин бу дьиэ бырайыагар олоҕуран, тутуу матырыйаалларын эбии киллэриэхтээхтэр. Бу матырыйааллары ыларга үтүө санаалаах дьон көмөлөһүөхтээх. Дьэ, уонна сайын устата тутуу ыытыллан, ис-тас көстүүтүн ситэрэн, аны күһүөрү, кыстыкка киириэх иннинэ, Арчы дьиэтин аана арыллыахтаах.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: ааптар түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0