1-8 кылаастар үөрэхтэрин эрдэ түмүктүөхтэрин сөп  

Ааптар: 
09.04.2020
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ хас биирдии эрэгийиэҥҥэ сүбэлиир суруктары ыыталаабыт. Бу туһунан министиэристибэ тус саайтыгар суруллар. Туох ис хоһооннооҕуй?

edersaas.ru

Бастатан туран, оскуолалар эрэгийиэҥҥэ эпидемиологическай балаһыанньа хайдаҕыттан көрөн, онно сөп түбэһэр быһаарыныыны ылыныахтара. Ол эбэтэр, балаһыанньа үчүгэй түгэнигэр оҕолор оскуолаҕа тиийэн бары санитарнай-эпидемиологическай ирдэбили тутуһан үөрэниэхтэрин сөп.

Иккиһинэн, дьиэҕэ олорор (домашняя самоизоляция) ирдэнэр түгэнигэр, эрэгийиэннэри дистанционнай технологиялары уонна электроннай ньыманы туһанан, үөрэх кыраапыгар уонна үөрэх туспа (индивидуальнай)  былааныгар олоҕуран  ыраахтан олорон үөрэтиҥ диэн сүбэлииллэр. Маныаха эрэгийиэннэр маннык миэрэни ылыахтарын сөп:

— онлайн технологияны туһанар түгэннэригэр үөрэҕи оҕо доруобуйатын уонна бэриллэр ноҕоруусканы учуоттаан, халандаар кыраапыгынан толору дистанционнай үөрэххэ көһөрүү.

— халандаар кыраапыгын уларытыахха эбэтэр  дистанционнай ньыманан барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэ (ВПР) түмүгүн учуоттаан, бүтэрбит чиэппэрдэринэн (триместр) 1-8 кылаастарга үөрэх дьылын түмүктүүр. Наада буоллаҕына быйылгы үөрэх бырагырааматын чааһын эһиилги үөрэх дьылыгар көһөн биэриэхтэрин сөп.

Итини сэргэ, эрэгийиэннэри 9-с кылаастар аттестацияларын (ОГЭ) икки биридимиэккэ очно ыытарга уонна улахан кылаастарга (10-11 кылаастар) дистанционнай технологиялары, федеральнай тэлэбиисэринэн ханаалларын туһанан үөрэҕи толору ыытары этэллэр. Үрдүкү кылаас оҕолоро оскуола бырагырааматын билэргэ уонна ЕГЭ-ҕэ бэлэм буоларга билии ылыахтаахтар диэн суруллар.

Хас биирдии эрэгийиэн бэйэтин балаһыанньатыттан көрөн, РФ Бырабыыталыстыбатын кытта сүбэлэһэн баран быһаарыы ылыныаҕа. Балаһыанньа уустук, онон ыксалтан маннык быһаарыныыны эрэ ылынар кыахтаахтар. Онон чугас дьоҥҥутун харыстааҥ, дьиэҕитигэр олоруҥ.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0