1,7 %-наах ипотеканан туһаныҥ

Ааптар: 
31.01.2020
Бөлөххө киир:

«Тыа сирин территорияларын кэлим сайыннарыы» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн, 1,7 %-наах ипотекаҕа сайаапканы хомуйуу саҕаланна.

edersaas.ru

Бырыһыана тоҕо аччаата?

«2020-2024 сс. тыа сирин территорияларын кэлим сайыннарыы» федеральнай бырагыраама 2019 с. ылыллыбыта. Бу бырагыраама иһинэн тыа сиригэр олорор дьон дьиэ-уот тутталларыгар биитэр атыылаһалларыгар анал ипотека көрүҥэ баар. Тыа сирин ипотекатын кирэдьиитин сыллааҕы бырыһыана 3 %, ол эрээри бу бырагыраамаҕа кыттар эрэгийиэн мантан 1 %-нын бэйэтэ уйунар. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ манна кыттарга биир бастакынан быһаарынан, биһиэхэ тыа сирин ипотеката 2 %-ҥа бэриллэр. Аны туран, ипотека ылар киһи тус бэйэтин страховкалыыр түбэлтэтигэр, итинтэн 0,3 %-а кыччатыллар. Дьэ ол түмүгэр, тыа сирин ипотекатын бырыһыана 1,7 буолла!
Сүрүн ирдэбил
Бу бырагыраама тыа сиригэр олорор уонна үлэлиир дьон олорор усулуобуйаларын тупсарыыга итиэннэ тыа сиригэр дьону олохсутуу буолар. Инньэ гынан, тыа сирин чэпчэтиилээх ипотеката тыа сиригэр эрэ туһаныллар.
Өйдөөҥ: тыа сирин территориятыгар тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннара (нэһилиэктэр, улуус кииннэрэ, оробуочай бөһүөлэктэр, куорат тииптээх бөһүөлэктэр итиэннэ 30 тыһыынча киһи иһинэн нэһилиэнньэлээх дьоҕус куораттар) киирсэллэр. Онон, Бүлүү, Ньурба, Орто Халыма курдук куораттар олохтоохторо тыа сирин ипотекатыгар хапсаллар.
Оттон Дьокуускай куорат уокуругун (Хатас, Тулагы) олохтоохторо хомойуох иһин, тыа сирин ипотекатыгар кыттар бырааптара суох.

Харчыны ким биэрэрий?

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытары түһэрсибит сөбүлэһиитин быһыытынан, тыа сирин ипотекатын кирэдьиитин «Россельхозбаан» АУо биэрэр. Онуоха харчы маннык хайысхаларынан туһаныллыахтаах:
1. Тыа сиригэр бэлэм тутуллубут учаастак­таах (уһаайбалаах) дьиэни атыылаһарга.
2. Тыа сиригэр уһаайбаҕа анаан учаастак сирин атыылаһан баран, онно дьиэ-уот туттарга. 3. Киһи эрдэ ылбыт, бэйэтэ бас билэр учаастагар саҥа дьиэни туттарыгар биитэр туттан иһэн тохтообутун ситэрэригэр.
4. Тыа сиригэр өлүүлэһэн тутуу дуогабарынан биитэр атыы-атыылаһыы дуогабарынан тутулла турар эбэтэр үлэҕэ киирбит дьиэҕэ кыбартыыра атыылаһарга.
Онон, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бу баан эрэгийиэннээҕи салаатыгар тиийэн, сайаапка биэриэхтэрин итиэннэ исписэлиистэртэн сиһилии сүбэ-ама ылыахтарын сөп. Баан эрэгийиэннээҕи салаата Дьокуускай куоракка икки сиргэ (Пушкин уулуссатын,
12 №-гэр уонна уонна Ярославскай уулуссатын 19 №-гэр) офистардаах. Ону таһынан, Амма, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Өлүөхүмэ, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар салаалардаах.

Ипотека усулуобуйата

Кирэдьиит ылар киһи ыйдааҕы төлөбүрүн уонна бастакы усунуоһун (10 %) төлүүр кыахтаах, атыннык эттэххэ, үлэлээх-хамнастаах, тыа сиригэр бастайааннай олорор, онно бырапыыскаламмыт итиэннэ ханнык даҕаны бааҥҥа иэһэ-күүһэ суох буолуохтаах. Сааһынан хааччаҕа 21-риттэн 75 сааска диэри. Өскөтүн кирэдьиит ылыан баҕарар киһи 65 сааһын ааспыт, ол эрээри 75-ин туола илик түбэлтэтигэр, кэргэниттэн ураты кими баҕарар, үстэн элбэҕэ суох созаемщигы ылар кыахтаах.
Баан кирэдьиити 100 тыһыынча солкуобайтан саҕалаан 3 мөлүйүөн солкуобайга тиийэ итиэннэ иэс сууматыттан тутулуктанан, 25 сылга диэри болдьохтоон биэрэр.

Дьиэни тутууга ирдэбиллэр

Ипотека ылар киһи дьиэтин бэйэтэ туттубат, атын дьону (тутуунан дьарыктанар тэрилтэни эбэтэр биирдэм урбаанньыты) кытары дуогабар түһэрсэн туттарар. Онуоха баан маннык ирдэбиллэри туруорар:
1.Бу тутуунан дьарыктанар тэрилтэ эбэтэр урбаанньыт «Россельхозбааҥҥа» аккредитацияланыахтаах. Итиэннэ икки сылтан итэҕэһэ суох кэмҥэ дьиэ тутуутунан дьарыктаммыт, сыллааҕы дохуота үс мөлүйүөн солкуобайтан кырата суох буолуохтаах.
2. Тутуллар дьиэ симиэтэтин уонна бырайыагын барытын тутар тэрилтэ эбэтэр урбаанньыт оҥорон бааҥҥа туттарар.
Баан кирэдьиит харчытын үстэ төхтүрүйэн биэрэр. Ол курдук, ту­­тааччы дьиэ акылаатын түһэрдэҕинэ уонна ол туһунан тустаах докумуону туттардаҕына, үп-харчы бастакы чааһын счекка угар. Салгыы дьиэ көҥдөйө бүттэҕинэ биэрэр, барыта бүттэҕинэ ордубут харчытын ыытар.
Мантан көстөрүнэн, сүрүн ирдэбил уонна эппиэтинэс тутааччыга түһэриллэр. Докумуону ирдэбил быһыытынан оҥорор, тутууну болдьоҕор бүтэрэр чиэһинэй тутааччыны булбут киһи «төбөтө ыалдьыбат».

Дьиэни, учаастагы атыылаһыыга

Ханна да буоларын курдук, атыылааччы уонна атыылаһааччы дуогабар түһэрсиэхтээхтэр, атыыланар дьиэ, сир учаастагын сыанабыла (оценка) баар буолуохтаах. Баан түһэриллибит докумуону бэрэбиэркэлээн баран, барыта сөп буоллаҕына, атыылааччы счетугар харчыны түһэрэр. Онуоха харчы туһааннаах киһиэхэ түһэр эрээри, тута туһаныллыбат, тоҕо диэтэххэ, харчы бастаан анал аккредитивнай счетка түһэр. Докумуон барыта ситтэҕинэ, ол эбэтэр дьиэни бас билии докумуона атыылаһааччы аатыгар оҥоһулуннаҕына уо.д.а., бу счет арыллар. Дьэ, ол эрэ кэнниттэн атыылааччы үбү-харчыны туттар кыахтанар.
Туох кистэлэ кэлиэй, дьиэ тутуутун симиэтэтэ, атыыланар дьиэ сыанабыла олус үрдүк буолуохтарын сөп. Ол иһин, баан барытын бэрэбиэркэлээн эрэ баран быһаарыыны ылынар.

Харчы – “уопсай хочуолтан”

Үөһэ эппиппит курдук, тыа сирин ипотеката РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бырагырааматын чэрчитинэн бэриллэр. Бу сыалга көрүллүбүт үп-харчы эрэгийиэннэринэн наардаммат, онон ким эрдэ сайаапка биэрбит, ол — сүүйүүлээх тахсар. Көрүллүбүт үп бүттэ да, 1,7 %-наах ипотека бэриллиитэ тохтуур.
Биһиги манна сүүйтэриилээх хаалар кутталлаахпыт. Тоҕо диэтэххэ, дьиэ тутуута, атыылаһыыта биһиэхэ сайын, ыһыах кэнниттэн эрэ уутугар-хаарыгар киирэн саҕаланар. Оттон атын эрэгийиэннэргэ тутуу хамсааһына кулун тутартан саҕаланар. Толкуйдаан көрүҥ, сайыҥҥа диэри дойду бары эрэгийиэннэриттэн төһөлөөх сайаапка киирэн, көрүллүбүт үптэн көҕүрүү туруой?
Онон, дьоммут-сэргэбит кытаатыҥ, билиҥҥиттэн сүүрүҥ-көтүҥ, чэпчэтиилээх (баара эрэ 1,7 %-наах) ипотекаҕа тирэҕирэҥҥит, дойдугутугар дьиэтэ-уотта оҥостуҥ. «Россельхозбаан» АУо салааларыгар тиийэҥҥит, сиһилии билсиҥ. Сайаапка 5 күн иһинэн көрүллэр.

Ирдэниллэр докумуоннар: сайабылыанньа, пааспар куоппуйата, 2 НДФЛ ыспыраапка, үлэ киниискэтин куоппуйата, тутааччыны эбэтэр атыылааччыны кытары түһэрсиллибит дуогабар, атыыланар дьиэ сыанабыла, атыыланар сир учаастагын докумуона.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru сайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0