Бу күннэргэ сыстыганнаах дьаҥ ыарыытыттан сэрэтэр үлэ ирдэбилинэн Дьокуускайга, Жатайга, Мииринэй уонна Нерюнгри оройуоннарыгар «самоизоляция» олохтонно.
Ол эбэтэр бэйэҕин бэйэҥ харыстаан дьиэҕиттэн тахсыбакка олороҕун. Онон сибээстээн, дьон-сэргэ мунаарар үгүс боппуруоһа үөскээтэ.
❓Өскө маҕаһыыннарга киирэр киһи ахсаанын аҕыйаттахтарына, аан айаҕар уочарат үөскүө суоҕа дуо?
❗️ Ил Дархан ыйааҕар олоҕуран, киин куорат маҕаһыыннарын каассаларыгар уочараттыыр дьон икки ардыларыгар 1,5 м тэйиччи сөптөөх дистанцияҕа олоҕурбут анал бэлиэ баар буолла. Бу ирдэбили бары маҕаһыыннар булгуччу тутуһуохтаахтар. Маҕаһыын салалтата уочарат үөскээбэт усулуобуйатын тэрийиэхтээх.
❓Үлэлииллэрэ көҥүллээх тэрилтэлэр испииһэктэригэр ханнык тэрилтэлэр киирэллэрий?
❗️Урукку эрэсииминэн ас-үөл маҕаһыыннара, аптекалар, бэлэм аһы тиэрдэр сулууспалар, сибээс салоннара уонна бастакы наадалаах табаардары атыылыыр маҕаһыыннар үлэлииллэр. Ону тэҥэ Дьокуускай, Жатай, Мииринэй уонна Нерюнгри оройуоннарыгар күннээҕи олоҕу-дьаһаҕы дьаһайар сулууспалар үлэлэрин тохтоппоттор.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — интэриниэттэн.