РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Анал этиитин кэмигэр алын кылаас үөрэнээччилэрэ босхо аһыахтарын туһунан иһитиннэрдэ.
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
“Оҕо оскуолаҕа бардаҕына төрөппүттэр, үксүгэр ийэлэр үлэҕэ тахсар, эбии дохуот аахсар кыахтаналлар. Ол эрээри, оскуолаҕа киирэригэр бэлэмнииргэ ороскуот эбиллэр. Бу түһүмэххэ дьиэ кэргэни эмиэ өйүүр ирдэнэр. Онон сибээстээн, 1-4 кылаас үөрэнээччилэрин барыларын босхо итии аһылыгынан хааччыйарга этии киллэрэбин”, — диэн быһа сибээс кэмигэр иһитиннэрэн, үгүс төрөппүтү үөртэ.
Маныаха кини итии босхо аһылык эрэ диэбэтэ, “доруобай аһылык” диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Бу көннөрү итии аһылыктан уратылааҕын болҕомтоҕо ылар тоҕоостоох. Итиэннэ үбүлээһинин үс сиртэн ыытарга эттэ: дойду, эрэгийиэн уонна олохтоох. Ол гынан баран, боппуруос аһылыгынан хааччыйыыны үбүлээһинигэр эрэ буолбатаҕын ыйда. Оскуолаларга сөптөөх инфраструктураны тэрийэр, остолобуойдарга, буфеттарга анал тэрили туруорар, систиэмэни олохтуур уонна хааччыстыбалаах бородууктанан хааччыйар ирдэнэрин быһаарда. “Биллэн турар, маныаха үгүс бириэмэ барара биллэр. тиэхиньиичэскэй өттүнэн бэлэм эрэгийиэннэргэ, оскуолаларга босхо итии аһылыгынан аһатыы номнуо 2020 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн киириэн наада. Арассыыйа бары субъектарыгар алын кылаас үөрэнээччилэрэ 2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри босхо хаачыстыбалаах итии аһылыгынан хааччыллыахтаахтар”, — диэн тоһоҕолоон эттэ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.