Ыстаадаҕа үлэлиир оҕо 20 тыһыынчаҕа диэри хамнастаныан сөп

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын хааччыйыыга болҕомто ууруллар. Ол курдук, 14-18 диэри саастаах оҕолор таба ыстаадаларыгар тахсан үлэлииллэрин хааччыйар юридическай сирэйдэргэ (судаарыстыбаннай тэрилтэлэртэн ураты), кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэргэ, аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар общиналарыгар өрөспүүбүлүкэ хааһынатыттан субдсидия көрүллүөҕэ.

edersaas.ru


Бүгүн Бырабыыталыстыба мунньаҕар тустаах боппуруоһу өйөөтүлэр. Ол эбэтэр, оҕо сайынын ыстаадаҕа тахсан үлэлээн хамнас аахсар кыаҕын олохтууллар. Оҕолор табаһытынан уонна чуум үлэһитин көмөлөһөөччүтүнэн үлэлиэхтэрин сөп диэн этэллэр. Субсидия кээмэйин оройуон коэффициенын ааҕан туран, федеральнай сокуонунан бигэргэммит хамнас алын кээмэйиттэн уонна оҕо сааһыттан аттаран суоттаан таһаарбыттар.

Үлэ кодексыгар олоҕуран, сокуоннай сааһын туола илик оҕону үлэлэтиигэ кэккэ ирдэбиллэр бааллар. Ол курдук, 14-16 саастаах оҕо 4,8 чаастан ордук үлэлиэ суохтаах (5 үлэ күннээх буоллаҕына). Оттон 16-18 саастаах оҕо 7 чаастан ордук үлэлиэ суохтаах диэн этэллэр. Онон оҕо ыйга 10-20 тыһыынча солкуобай хамнаһы аахсыан сөп дииллэр. СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолууга судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Харлампьев иһитиннэрбитинэн, былырыын тустаах бырайыагынан 218 оҕону хаппыттар. Быйыл эмиэ 200-тэн тахса оҕону үлэнэн хааччыйар былааннаахтар.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0