Үөрэххэ туттарсыы болдьоҕо уларыйыа дуо?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) ыытыллар болдьоҕун көһөрбүтүнэн сибээстээн, үөрэххэ туттарсааччылартан үгүс ыйытыы киирэр.

edersaas.ru

Абитуриеннары, «эксээмэннэр болдьохторо көстөҕүнэ, үөрэххэ туттарсарга хойутаабаппыт дуо» диэн ыйытыы долгутар. Маныаха РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ: “Эпидемиологическай балаһыанньанан сибээстээн, үрдүк үөрэхтэргэ тутар хампаанньалар болдьохторо уларыйан биэриэхтэрэ”, — диэн сабаҕалааһын баарын ыйар.

Санатан эттэххэ, 11-с кылаастарга эксээмэннэр бэс ыйын 8 күнүттэн, 9-с кылаастарга бэс ыйын 9 күнүттэн саҕаланыахтара. Билиҥҥитэ график оҥоһуллар. Чопчу муус устар 5 күнүн кэннэ биллиэҕэ дэһэллэр.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0