Ыһыахха саха аһын хайдах сакаастыахха?

Бөлөххө киир:

Төһө да дьиэҕэ олордорбут, саханы саха дэппит ытык бырааһынньыкпытын бэс ыйын 21 күнүгэр бэлиэтиэхпит. Биллэн турар, экран нөҥүө биэрии дьиҥнээх ыһыаҕы солбуйбат. Ол да буоллар, санаабытын түһэрбэккэ, сахалыы таҥнан, ас астанан, тэлэбиисэринэн көрө-көрө, бырааһынньыктыахпыт. Саха аһын аһаатахпытына эрэ астынар буоллахпыт. Ол эрээри, сорох ыаллар бачча куйааска астаммакка, бэлэм аһы атыылаһалларын ордороллор. Онуоха ханнык эрэстэрээннэр ыһыаҕы бэлэмнээх көрүстүлэр?

Махтал” эрэстэрээн “Ыһыах” кэмпилиэги бэлэмнээбит. Манна 12 бүлүүдэ киирэр: үтэһэлээх эт, ыһаарыламмыт собо, хаан, харта, ойоҕос, саламаат, алаадьы, лэппиэскэ, бэрэски, оҕуруот аһа, морс, быырпах. Сыаната – 2500 солкуобай.

Тыгын Дархан” эрэстэрээн эт нобуорун утары уунар: үтэһэлээх эт, харта, Үөдэй халбаһыта, тууһаммыт луук. Сыаната – 1800 солкуобай. Ону тэҥэ, дьэдьэн барыанньалаах, көбүөрдээх лэппиэскэ, морс – 800 солкуобай. Ыһаарыламмыт собо – 435 солкуобай. “Алгыстаах ас”: саламаат, 5 лэппиэскэ – 800 солкуобай.

Киви-кейтеринг” сулууспа үс араас кээмэйдээх нобуордары атыылыыр. Икки киһиэхэ анаммыт саамай кыра кэмпилиэгэ 3500 солкуобайдаах (үтэһэлээх эт, ис миинэ, саламаат, ыһаарыламмыт собо, баахыла, алаадьы, күөрчэх, быырпах). Түөрт киһиэхэ анаммыт нобуор 5500, алта киһиэхэ – 7000 солкуобайдаахтар.

Бу эрэкэлээмэ буолбатах, онон төлөпүөннэрин нүөмэрин, «инстаграмнарын» интэриниэтинэн көрдөөн, бэрт түргэнник булуоххутун сөп. Барытын дьиэҕэ аҕалан биэрэллэр.

Онон, атыылаһаргытын дуу,  астанаргытын дуу, бэйэҕит быһаарыныҥ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0