Волонтердарга босхо түҥэтиэхтэрэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Михаил Мишустин волонтердарга дьаҥтан харыстанар тэриллэри босхо биэрии быраабылатын бигэргэттэ.

edersaas.ru

Судаарыстыба волонтердары уонна социальнай хайысхалаах кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэри коронавирустан харыстыыр сириэстибэлэринэн босхо хааччыйыаҕа. Бу быраабыланы Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин бигэргэттэ.

Бу сыалга анаан Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Владимир Путин дьаһалынан 1 млрд солкуобайтан тахса үп көрүллүбүтэ. Дьаҥтан харыстыыр сириэстибэлэри Волонтердар кииннэрин ассоциацияларын сайаапкаларыгар олоҕуран тыырыахтара.

Бу үлэнэн Бырабыыталыстыба анаабыт оператора дьарыктаныаҕа.

Онон ыарахан содуллаах дьаҥ тарҕанар кэмигэр баҕа өттүлэринэн дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһөр дьону бэйэлэрин эмиэ харыстыыр туһугар кыһаллаллар.

Женни СТРЮКОВА, “Саха сирэ” хаһыат edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0