Волонтердар кырдьаҕастарга босхо аһы тарҕаталлар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ волонтердарын куорпуһа биир кэмнээх босхо ас-үөл нобуорун биэрэргэ 65-тээх уонна онтон аҕа саастаах дьон испииһэгин оҥорор.

edersaas.ru

Онон аҕам саастаах дьону үлэ күнүгэр, сарсыарда 9 чаастан киэһэ 18 чааска диэри 8 (4112) 31-90-72 уонна 8 (4112) 35-10-46 төлөпүөн нүөмэрдэринэн эрийэн, билсэргэ этэллэр.

Сайаапканы оҥорорго киһи төрөөбүт сыла, ханна олороро, көмөнү ханнык аадырыска илдьиллэрэ ыйыллар. Маннык көмөлөр изоляцияланыы эрэсиимигэр киллэриллибит нэһилиэнньэлээх пууннарга: Дьокуускай куоракка, Жатай бөһүөлэгэр итиэннэ Алдан, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Сунтаарга улуустарыгар оҥоһуллар.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0