Путин Саха сиригэр 64,3% куолаһы ылла

Бөлөххө киир:

Түүн 03:00 чаастааҕы туругунан, Саха сирин Территориальнай быыбардыыр хамыыһыйалара (ТБХ) боротокуол 99,26 %-нын бэрэбиэркэлээн бүтэрдилэр.
Ол түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун 64,31 %-ра Владимир Путиҥҥа, 27,37 %-ра Павел Грудиниҥҥа куоластарын биэрбиттэр.

Владимир Жириновскайга — 3,91%,

Ксения Собчакка – 1,65%,

Григорий Явлинскайга – 0,57 %,

Борис Титовка – 0,44%,

Сергей Бабуриҥҥа – 0,37%,

Максим Сурайкиҥҥа – 0,37% куолас киирбит.

Ордук бырамыысыланнай оройуоннар олохтоохторо Жириновскайга, Титовка, Явлинскайга, Сурайкиҥҥа биэрбиттэр. Оттон Владимир Путиҥҥа саамай үрдүк көрдөрүүлээх улуустар – Орто Халыма, Аллара Халыма, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы. Павел Грудиниҥҥа саамай элбэх куолаһы Мэҥэ Хаҥалас, Ньурба, Таатта, Уус-Алдан, Нам улуустара биэрбиттэр.

Саха сиригэр бүлүтүөн 99,26 %-нын бэрэбиэркэлэммитин кэннэ, куоластаабыт дьон ахсаана 71,13 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ.

Оттон Киин быыбардыыр хамыыһыйа иһитиннэрбитинэн, дойду үрдүнэн  боротокуол 21,33%-нын бэрэбиэркэлээһин кэнниттэн, Владимир Путин билиҥҥитэ 71,97%-ны ылбыт.

Бу туһунан «Сахамедиа» медиакиинигэр СӨ Быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Алексей Ефимов түүн 03.00 чааска кэлэн иһитиннэрдэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0