Уустук кэмҥэ онкологическай, кардиологическай кииннэри тутуу тохтообот

Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 27 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэн XVII пленарнай онлайн-мунньаҕар 2019 сыл түмүктэрин отчуоттаата. Ол туһунан Ил Түмэн дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, норуодунай дьокутаат Алена Атласова санаатын үллэһиннэ.

edersaas.ru

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр аныгы мэдиссиинэ тэриллэринэн хааччыллыылаах улахан кардиологическай, онкологическай кииннэр тутуллуулара улахан суолталаах. Билиҥҥи уустук кэмҥэ тутуу кыраапыктан хаалбакка, ыытылла турара үөрдэр. Тоҕо диэтэр, өлүү уопсай ахсаанын ылан көрөр буоллахха, сүрэх-тымыр, искэн ыарыыларыттан өлүү көрдөрүүтэ үрдүк.  Онон өр кэмнээх туруорсуубут олоххо киирэригэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалыырыгар эрэл баар.

Айсен Николаев отчуотугар бэлиэтээбитинэн, Саха сирэ социальнай эйгэ уонна экэниэмикэ сайдыытын көрдөрүүлэринэн Уһук Илин уокуругар бастыҥ. Төрөөһүн уонна эбиллии, көһөн барыыны тохтотуу көрдөрүүлэринэн Арассыыйаҕа сэттэ бастыҥ эрэгийиэн иһигэр киирдибит. 2020 сыл тохсунньутугар өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин ахсаана 971,9 тыһыынча киһи буолла, ол эбэтэр, 4,9 тыһыынча киһинэн эбиллибит. Холобур, 1000 киһиэхэ 13,2 оҕо төрөөбүт (Арассыыйаҕа – 10,1, Уһук Илиҥҥэ – 11,1).

Мин санаабар, пандемия үөскэппит кыһалҕаларын биһиги син бэлэмнээх көрүстүбүт. Ил Дархан олунньу 14 күнүнээҕи ыйааҕынан, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн бастакы, иккис, үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллахха) көмөлөһөр эбии миэрэлэр ылыллыбыттара. Холобур, 2019 сылтан төрөөбүт бастакы оҕоҕо 33 812 солкуобай бэриллэр. 2019 сылга 112,4 мөлүйүөн солкуобай суумалаах төлөбүрү 3323 дьиэ кэргэн ылбыта. Иккис оҕоҕо дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга суох 135,9 тыһыынча солкуобай суумалаах көмө (эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын 30%-на) бэриллэр. 2019 сылга 2665 дьиэ кэргэн Ийэ хапытаалын ылар бырааптаахтарыттан, 292 ыал 39,8 мөлүйүөн солкуобай суумалаах төлөбүрү ылан туһаммыттар. Үһүс, онтон кэлэр  оҕоҕо 3 сааһын туолуор диэри ый аайы 16 906 солкуобай төлөнөр  (дьиэ кэргэн дохуота өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоммут орто дохуоттан намыһах буоллаҕына). 3585 дьиэ кэргэн маннык төлөбүрү ылан туһаннылар (399,9 мөлүйүөн солкуобай суумалаах).

Бу миэрэлэр маннык уустук кэмҥэ, федеральнай миэрэлэри сэргэ, оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ көмө буолаллар. Биһиги бары өйдүүбүт, дьон дохуота кыччаата, иэстэрэ улаатта. Онон пандемия кэмигэр дьиэ кэргэни өйөөһүн саҥа миэрэлэрэ хаһааҥҥытааҕар да суолталаналлар.

2019 сыл Сомоҕолоһуу сылынан биллэриллибитэ. Бу сыл бырабыыталыстыба уонна парламент сомоҕолоһон бииргэ үлэлэһэн, от ыйыгар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн статуһун туһунан сокуон ылыллыбыта. Тустаах кэмитиэт, дьокутааттар киллэрбит сокуоннарын бырабыыталыстыба өйөөн, үбүн-харчыын буларга оробуочай хамыыһыйа тэриллэн үлэлээбитэ. Ол чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аатын күнүскү үөрэххэ үөрэнэр, эбэтэр, сулууспалыыр, 23-гэр диэри саастаах үстэн элбэх оҕолоох ыал ылар. Онон сөмөлүөтүнэн көтүүгэ субсидиянан, атын да чэпчэтиилэринэн туһанар кыахтаахтар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0