Дьоҕус уонна орто урбааҥҥа өйөбүл баар буолуоҕа

Бөлөххө киир:

Дойду үрдүнэн коронавирус дьаҥа туран, хааччахтаан олоруу содула экэниэмикэҕэ охсуон сөбүн туһунан Ил Дархан бүгүн брифинигэр иһитиннэрдэ.

«Дьоҕус уонна орто урбаан салааларыгар өйөбүллэр баар буолуохтара, үлэ миэстэтэ уонна дьон дохуота намтаан хаалбатын, суох буолбатын туһугар үлэлэһиэхпит», — диэн Ил Дархан иһитиннэрдэ.

Ол туһуттан нолуокка уонна кирэдьииккэ сынньалаҥнары оҥорон, дьону-сэргэни өйүүр туһунан эттэ. Саамай сүрүнэ дьиэҕэ хааччахтаан олорон дьаҥы аһардар сүрүн сорукпут буолар диэн Айсен Сергеевич бэлиэтээтэ.

Маны тэҥэ уопсастыбаннай тырааныспардар боппуруостарын быһаарыахпыт диэн Ил Дархан иһитиннэрдэ.

Ульяна Захарова.

Ульяна Захарова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0