Тыа сирин дьахталларыгар — кылгатыллыбыт үлэ нэдиэлэтэ

Бөлөххө киир:

Владимир Путин сэтинньи 12 күнүгэр тыа сирин дьахталларыгар үлэ нэдиэлэтин чааһын аҕыйатар туһунан сокуоҥҥа илии баттаата.

edersaas.ru

Билигин дьахталлар да, эр дьон да нэдиэлэҕэ 5 күҥҥэ 40 чаас үлэлиибит. Бу сокуон ыйарынан, тыа сиригэр олорор дьахталлар аны 36 чаас үлэлиир бырааптаналлар. Ол эбэтэр, нэдиэлэҕэ 4 чаас көҕүрүүр, оттон хамнастара кыччыа суохтаах, оннунан хаалыахтаах. Ону тэҥэ, кинилэр ыйга биир күн эбии өрөбүл быһыытынан туһаныахтарын сөп (хамнаһа суох), онно хайаан да сайабылыанньа суруйуохтаахтар.

Сокуон барылын Госдуумаҕа “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа дьокутааттара киллэрбиттэрэ. 1990 сыллаахха тыа дьахталларыгар 36 чаастаах үлэ нэдиэлэтин олохтуур туһунан РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин уурааҕа тахсыбыт эбит. Оттон аныгы кэмҥэ Үлэ кодексыгар 40 чаас үлэлиэхтээхтэр диэн сурулла сылдьар. Дьокутааттар бу бутуллууну быһаардылар. Федерация Сэбиэтин сенатордара эмиэ өйөөбүттэрэ.

Тыа сиригэр олорор дьахталлар үксүгэр хаһаайыстыбалаахтар, сүөһү ииттэллэр, оҕуруот олордоллор, сайынын оттууллар, сир астыыллар. Онтон да атын түбүк элбэх буоллаҕа. Онон кинилэргэ бу уларытыы көмөлөөх буолара саарбаҕа суох. 

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0