Тыа хаһаайыстыбатыгар 30 сыл үлэлээбиттэр бааргыт дуо?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр 30 сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбит дьоҥҥо биэнсийэлэригэр эбии төлөбүр оҥоһуллар. Бу туһунан Биэнсийэ фондатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Георгий Степанов сыл 9 ыйдааҕы түмүгүн таһаарар мунньах кэмигэр иһитиннэрдэ.

Тыа хаһаайыстыбатыгар 30 сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбит 3,5 тыһыынчаттан тахса киһиэхэ быйыл биэнсийэлэрин эппиттэр. “Өскөтүн бу үрдэтиигэ хабыллыбатах, тыа хаһаайыстыбатыгар 30 сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбиттэрин бигэргэтэр докумуоннаах дьон баар буоллахтарына, олорор сирдэринэн килийиэннэр сулууспаларыгар сыл түмүктэниэр диэри илдьэн көрдөрдөхтөрүнэ, биэнсийэлэрин страховой кээмэйэ 2019 сыл тохсунньутуттан ааҕыллан бэриллиэҕэ. Докумуоннарын сыл бүтүөр диэри аҕаллахтарына, биэнсийэлэрин сыллааҕы эбиллиитэ ааҕыллар”, — диэн быһаардылар.

 

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0