Тускул: «Халлаан айылҕа хаамыытынан сыыйа сылыйан эрэр»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл хатааһыннаах саас буолан, күн-дьыл тымныйан, бары да халлаан сылыйарын кэтэһэбит.

edersaas.ru

Ол да иһин буоллаҕа буолуо, социальнай ситимнэргэ халлаан туругар сыһыаннаах хоһоон, үгэ үксээтэ. Холобурга, бу: «Саас барахсан эмиэ наһаа шоуну батыспыт үһү . Ол иһин кэлээри сырыттаҕына,  Кыһын көрсөн дэлби атаарыы аһылыгын тэрийэн, ырыа-тойук, бырааһынньык-шоу бөҕө буолтар. Онтон дьэ өйдөнөн кэлэн истэҕинэ, аны шашлыктааччылары көрсөн, олору кытта шоулуу сылдьар үһү. Сотору кусчуттар тиийиэхтэрэ, дьэ, барахсаммыт хайыыр? Өйдөнөн кэлээхтиирэ дуу, суоҕа дуу? Бакаа Тускулга туох да диэн биллэрэ илик үһү…«. Бу Ымыычаана диэн ааптар айбыт үгэтэ батсаабы бараата.

Тускулга: «Саас эйиэхэ тугу эмэ биллэрдэ дуо? Ханна «күүлэйдии» сылдьар буолан тардыллыбытый?» — диэн ыйытыылаах тахса сырыттым.

Онуоха норуот синоптига маннык хоруйдаата:

Саас кэлиитин:  «Эрдэлиир дуу, хойутуур дуу?» —  диэн дьон үксэ кэтэһэр. Эрдэ билгэлээбиппит курдук, Былаҕачыанайап күн эбиэттэн киэһэ тыаллаах, былыттаах буолан, хатааһын уһаата.

Ыам ыйын 10-11 күннэриттэн халлаан биллэ сылыйан барыаҕа. Ол курдук, күнүс 14-17, түүн 5-7 кыраадыс сылыйыаҕа. Сир дойду көҕөрбүтүнэн барыаҕа. Онтон ыам ыйын 14-17 күннэригэр сайыҥҥылыы сылаас күннэр — күнүс 20-22, түүн  5-8 кыраадыс сылыйыаҕа. Онон сир-дойду, мас-от Ньукуолун иннинэ көҕөрөр-ситэр буолла. 

Ыам ыйынааҕы күүтүүлээх ардах ыам ыйын 11-12 күннэригэр түһүөҕэ. Оттон Ньукуолун ардаҕа ыам ыйын 18-20 күннэрин диэки биир-икки хонугунан быысаһан түһүөҕэ.

Былырыын ыам ыйын 4-7 күннэригэр эмискэ сылыйан, 20-22 кыраадыс сылыйа сылдьыбыта, ол иһин уу эмискэ балысханнык кэлэн, өрүстэр, үрэхтэр хааларыттан тахсыбыттара. 

Быйылгы ыам ыйыгар халлаан айылҕа хаамыытынан сыыйа сылыйан эрэр уонна эрдэтээҥҥи өттө хатааһыннаах буолан,  өрүстэргэ орто уулаах дьыл буолуоҕа. Онон көмүөл этэҥҥэ ааһыаҕа. 

Сахаҕа: «Өссө биир хаары ууллардым», — диэн бэргэн этии баар. Ол эбэтэр киһи бэйэтин биологическай сааһыгар айылҕа сааскы кэмин кытта ситимнээн өйдүүр. Киһи уустук кыһыны аһаран, хаары уулларан сааһы көрсөрө — олоҕун өссө биир кэрдииһэ. 

Бэлиэтээбитим курдук, быйыл өрүс мууһуттан кэмигэр сайҕанан, сир-дойду эрдэлээн көҕөрүөҕэ. Быйаҥнаах сайын иһэр, ону салгыы Ньукуолун кэнниттэн анаарыахпыт.

Тускул ыам ыйын анарыыта бу курдук. Онон Улуу Кыайыы бырааһынньыгын кэнниттэн халлаан биллэ сылыйыыһы, ол быыһыгар ардаан да ылыыһы. Тулуйуохха!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — интернеттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0