Томпоҕо суолга хайаттан хаар сиҥиннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Томпо улууһугар «Халыма» федеральнай суол «Черный прижим» диэн ааттанар уустук учаастагар хайаттан хаар сиҥнэн айан харгыстана сырытта.

Суол үлэһиттэрэ сиҥнии сирин түргэнник ыраастаабыттар, билигин айаҥҥа туох даҕаны мэһэй суох.

ГИБДД дьаһалтата суоппардарга анаан сэрэтэр:

— Ытыктабыллаах суоппардар, ыраах айаҥҥа болҕомтолоох буолуҥ. Суол уонна күн-дьыл усулуобуйатын учуоттаан айан сөптөөх тэтимин тутуһуҥ. Суол бэлиэлэрин көрүҥ. Сокуоҥҥа суруллубут бэрээдэги уонна дистанцияны тутуһуҥ, эмискэ туормастаамаҥ. Хаар ууллар халтараан кэмигэр туормаһы тутуу хас даҕаны төгүл уһуур.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0