«Талбан» биэрии — ыытааччы дьиэтиттэн

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сыстыганнаах коронавирус дьаҥыттан харыстанан, бу күннэргэ бары дьиэбитигэр олоробут.

edersaas.ru

Биллэн турар, маннык кэмҥэ саамай саатанарбыт — интэриниэт, араадьыйа уонна тэлэбиидэнньэ биэриилэрэ. «Саха» НКИХ дьиэҕэ олорор кэмҥэ бэрт үгүс интэриэһинэй биэриилэри бэлэмнээтэ. Уһун өрөбүллэринэн сибээстээн, хампаанньа үлэтин тутулун  уларытта.

Бу туһунан тэлэбиидэнньэ дириэктэрэ Олег Колесов-Талбан маннык кэпсиир:

— «Саҥа күн» биэрии тахсыбат. Ол оннугар «Эрдэһиттэр»  диэн «Тэтим» араадьыйа суруналыыстара үлэлиир устуудьуйалара  «Саха» НКИХ тэлэбиидэнньитигэр эмиэ көстүөҕэ. Ону тэҥэ көрөөччүлэр киинэлэр, хампаанньа архыыбыттан кэнсиэрдэри  сэргиэхтэрэ.

«Талбан» биэриини дьиэбиттэн таһаарыаҕым. Онно көрөөччүлэр актыыбынайдык кытталларыгар эрэнэбин. 

Уһун өрөбүллэргэ кулун тутар 28 күнүттэн саҕалаан «Саха» НКИХ тэлэбиидэнньэтигэр сахалыы киинэлэри көрүҥ:

Кулун тутар 28-29 күннэригэр сарсыардааҥҥыттан киэһээҥҥэ диэри  «Ыллыктар» сэрийээл.

Оптуорунньук (31.03.20)

                                  16:15  — «Атын олох»

                                   21:30  — «Эрчим уонна Ким»

 Сэрэдэ (01.04.20) 16:15 — «Таптал»

                                    21:30 — «Кэскил-1».

Чэппиэр (02.04.20) 16:15 — «Маҥнайгы таптал»;

                                       21:30 — «Кэскил-2»;

Бэнидиэнньик (03.04. 20) 16:15  — «Дьикти саас»;

                                                   21:30 — «Кэскил-3».

04-05.04. 20. «Олох түгэннрэ».

Бу киинэри көрөн, бэйэҕитигэр бэртээхэй сынньалаҥна бэлэхтээҥ.

 Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0