Түргэн интэриниэккэ өссө 30 нэһилиэнньэлээх пуун холбонно

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Арассыыйа күнүн иннинэ Саха сирин 30 нэһилиэнньэлээх пуунугар волоннай-оптическай линия холбонуутун үөрүүлээх тэрээһинэ буолла. Дьокуускайтан видеонан кэмпириэнсийэ эрэсииминэн олохтоохтору Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.

edersaas.ru

СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыытыгар уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирэ Анатолий Семенов итиэннэ “Ростелеком” ПАО “Сахателеком” филиалын дириэктэрэ Константин Войтеховскай кунуопкатын баттаан, сибээс волоконнай-оптическай линиятын (ВОЛС) үлэҕэ киллэрдилэр.

“Арассыыйа күнүн көрсө көннөрү түргэн интэриниэти үлэҕэ киллэрэр буолбатахпыт – өрөспүүбүлүкэбит 12 улууһун 30 нэһилиэнньэлээх пуунугар олох саҥа тэтимин киллэрэбит. Коронавирус пандемията Саха сиригэр цифровизация саҥа таһымын сыаналыырга кыаҕы биэрдэ, тэйиччиттэн эрэсиимҥэ 35 тыһыынча киһи көстө, дистанционно олорон дьон бэйэ-бэйэтин кытта кэпсэттилэр, үөрэннилэр уонна үлэлээтилэр. “Цифровая экономика” национальнай бырайыагынан биһиги иннибитигэр саҥа соруктар тураллар – ВОЛС ситимин АйТи эйгэ сайдыытын уонна өрөспүүбүлүкэ оннооҕор саамай уһук сытар улуустарын олоҕун цифровизациялааһыҥҥа бары үлэтин түргэтэтэр тирэҕин быһыытынан биһиги салгыы даҕаны кэҥэтиэхпит”, — диэн Айсен Николаев эттэ.

Анатолий Семенов иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ, уопсайа, 8 тыһыынча килэмиэтир оптоволокно тардыллыбыт, нэһилиэнньэ 86 % олорор 262 нэһилиэнньэлээх пуун түргэн интэриниэккэ холбоммут.

“Ростелеком” хампаанньаны кытта бииргэ үлэлэһиинэн уонна ВОЛС тардыллан, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо түргэн интэриниэт, “интерактивнай тэлэбиидэнньэ”, Wink видеосервис, видеонан кэтээн көрүү, “Өйдөөх дьиэ”, уонна да сибээс атын аныгы телекоммуникационнай өҥөлөрүгэр холбоннулар.

“Ростелеком” оптическай инфраструктура базата сайдыытыгар улахан болҕомтону уурар: сыллата тутуу тэтимин эбэн уонна улаатыннаран иһэбит уонна Саха сирин “цифровой каркаһын” тэрийэбит. Бу саҥа технология уонна цифровой сервис киириитигэр тирэҕинэн буолар. Бу барыта нэһилиэнньэ олоҕо табыгастаах уонна куттала суох буоларыгар, биисинэс сайдыытын уонна судаарыстыба бигэ тирэҕин үөскэтэр” – диэн вице-бэрэсидьиэн – “Ростелеком” ПАО “Уһук Илин” макрорегиональнай филиалын дириэктэрэ Александр Логинов бэлиэтиир.

Быйыл ВОЛС тутуута муниципальнай-чааһынай бииргэ үлэлэһии быһыытынан Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Ленскэй уонна Чурапчы улуустарыгар салҕаныаҕа. Сыыппараҕа толору Ленскэй, Мирнэй уонна Чурапчы улуустара көһүөхтэрэ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Хаартыска: Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0