Төрөппүттэргэ аналлаах саайт аһылынна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Олох уларыйыытын батыһан оҕолорбут күн-түүн билиилэрэ, майгылара-сигилилэрэ барыта уларыйан иһэр. Сорох түгэҥҥэ исписэлиис сүбэтэ ирдэнэр. Ону учуоттаан, аныгы төрөппүккэ көмөлөһөр сыалтан, соторутааҕыта “Растимдетей.рф” диэн федеральнай портал үлэлээтэ.

“Саха сирэ” хаһыат, ederaas.ru

Портал оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ саамай ирдэнэр өҥөлөрүнэн ыйынньык буолар аналлаах. Манна эрэгийиэннэр төрөппүттэргэ аналлаах кииннэрэ бары биир сиргэ түмүллэллэр диэххэ сөп. Оҕону иитиигэ билиҥҥитэ эспиэрдэр 200-тэн тахса матырыйааллара түмүллэн киирдэ. Ол курдук, саҥа төрөөбүт оҕону көрүүттэн-истииттэн, аһатыыттан саҕалаан араас тиэмэҕэ бары суруллар. “Төрөппүттэр”, “Саҥа төрөөбүт оҕо”, “Кыра оҕо”, “Оскуолаҕа киириэн саастаах оҕо”, “Оскуола оҕото”, “Улахан оҕо”, “Ураты оҕолор”, “Цифровой эйгэ” диэн рубрикаларынан сырдатыллар.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат”, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0